Биэтэс Билээхэп: «Ат-трр-10» такси

Ааптар: 
05.11.2021
Бөлөххө киир:

Сыалай күн аҥаара ырдьаччы тоҥуохпар диэри ырыынагы кэрийэн, мэскэйдэнэн киирбитим, ыраахтан ыалдьыттар кэлэн олороллор эбит. Амма Эмиһиттэн сиэн быраатым түөртээх-биэстээх, чоҕулуччу көрбүт уолунаан. «Һуу-һаа» буолан, тыл бырахсан дорооболоһон-дыраастыйдаһан, эмээхсиним тилигир-талыгыр гыннаран ас тардан, итии киллэринэн чээйдээбитинэн бардыбыт.

– Эмистэр, ырыганнаабыт сүөһү курдук буолан түһэҥҥит, кыстыккыт-туруккут хайдаҕый? – бэһиэлэйдээн, кырачаан аймахпын от илиитин-атаҕын туппахтаан, көхсүттэн-санныттан имэрийэн ылабын. – Бу хаайтарыыга туох оннук ыксаллаах соруктаах буолан куораты буллугут. Эбэни иирбит сыаналаах «Иирбиһинэн» туораатыгыт дуо?

Ыалдьыттарым да, тылларын «сиэптэригэр уктубат» дьон буолан биэрдилэр.

– Ити буоллаҕына, биһиги паапалыын, Лена өрүһү «Ат-трр-10 “ мааркалаах таксинан туораан кэллибиит. Бэрт баҕайы, сып-сылаас, сып-сымнаҕаас! – кыра Тиимчик «но-но!» дии-дии кымньыынан кууһуннарар курдук далбааталаан ылла.

– Туохпутуй ол, «Ат-трр» диэн. Туох массыынаный дуу, тугуй? – туоһулаһабын.

– Оттон, сыарҕалаах, уп-уһун кутуруктаах белай коняганан айаннаатыбыт. Дьээдьэ Проня чааска 10 килэмиэтири барар «Ат-трр» такси дии-дии күлбүтэ, – куораччыт Тиимчик ыстакааннаах моруосунайы бэрт минньигэстик салаан ыла-ыла кэпсээннээх буолла.

Дьэрэмэй быраат Эмиһиттэн массыынатынан Хаптаҕайга кэлэн, сэбин табаарыһын ичигэс гарааһыгар хаалларбыт. Борокуоппайыҥ, хор, оҕуруктаах өйдөөх урбаанньыт бэрдэ эбит! Бэйэтэ этэринэн, ити иирбит сыаналаах «Иирбистэргэ», «Хиибустарга» аныгылыы альтернативнай тырааныспар буолабын. Хаайтарыы кэмигэр сыарҕалаах атынан таксиилаан дьону Эргэ Табаҕаҕа туоратабын. Баара эрэ биэстии мөһөөххө сыарҕаҕа икки киһини ылабын. Оҕону 250 солкуобайга диир эбит.

Хаһыапка сыарҕатын дурда курдук оҥорон, бөҕө армыырабаннай бүлүөҥкэнэн тыал-куус хоппот гына бүрүйбүт. Килийиэннэр барбах таба тэллэххэ, түү суорҕанынан саптан-үллүнэн, дуҕа анныгар эйэҥэлиир чуораан чугдаарыгар бигэнэн тиэрэ түһэн айанныыллар эбит. Чаастан эрэ ордугунан Эргэ Табаҕаҕа оптуобус тохтобулугар биирдэ хорус гыннараллар!

Аныгы үйэҕэ, ат-сылгы тэрилэ дэлэйигэр, сыарҕа да дөбөҥнүк оҥоһуллар кэмигэр илин эҥээр өрүс кытылынааҕы Төхтүр, Баабылыскай, Хаптаҕай курдук нэһилиэктэргэ иккилии-үстүү итинник анаан-минээн тэриммит «Ат-трр-10” «таксистар» бааллара буоллар, күһүҥҥү-сааскы хаайтарыы кэмигэр удамыр сыанаҕа айанньыттар, оҕо-дьахтар төһөлөөх абыраныа этилэр. Арҕаа эҥээргэ Эргэ Табаҕаҕа ат үрдүттэн түспэт дьаамсык хааннаах дьон, Хатаска удьуор сылгыһыттар «Ат-такси» уопсастыба тэринэн, тэриллэн куорат оптуобуһун тоһуйан өрүс нөҥүө-маҥаа дьону таһар, илдьэр-аҕалар биисинэһинэн дьарыктанан үп-харчы өлөрөллөрө, дохуот киллэринэллэрэ төһөлөөх буолуо этэй. Сыыдам сырыылаах сыттыктаах көлөлөөх эрэкэтиирдэр муннулара сынтарыйыа этэ…

Биэтэс Билээхэп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0