Биэтэс Билээхэп: Аныгы Дапсылар, Багдарыын Сүлбэлэр наадалар

Ааптар: 
03.11.2022
Бөлөххө киир:

Хара төрүөхпүтүттэн, иринньэх эрдэхпититтэн ийэ эмийин үүтүнэн эмсэхтэнэн, ийэ тылбыт сүмэтин иҥэринэн ону-маны өйдүүр-анаарар, саҥа таһаарар, олорор-турар буолан барарбыт. “Эһээ-эһээ, ийээ-ийээ!” – өрбөх таҥаһынан чороччу суулана сытан иэрийэ-иэрийэ баарбытын биллэрэрбит, өлбөт мэҥэ үүттээх мээмийбитин көрдүүрбүт. Ити: “ Ийээ-аҕаа, эһээ-эбээ”, – уу сахалыы саҥалаах, билигин тоҥхойо кырдьыбыт биһиги көлүөнэ иринньэх оҕо сааспыт өйдөбүлэ…

Кэм-кэрдии дьайыыта, олох сайдыыта эргиччи, тылбытыгар-өспүтүгэр, саҥабытыгар-иҥэбитигэр даҕаны, сабыдыала улахан. Бэл, Пушкин, Лермонтов саҕана, нуучча дворяннарын араҥалара улуу нуучча тылын ахсарбат, французтуу, ньиэмэстии саҥарарга охтубуттара. Оҕолоро “мать, отец” оннугар “маман, папан” диэн ханарытан чобугураһаллара баара дии.

Билиҥҥи саха оҕолоро “маама, паапа, деда, бааба”, төрөппүттэрэ “сыына, дуоча” диэнтэн атыны билбэттэр. Аныгы кибер сайдыы, глобализация үйэтигэр, оннооҕор тыа сирин, уу саха нэһилиэнньэтин оҕолоро, уһуйааннартан саҕалаан маргинал буола иитиллэн тахсаллар. Оннук оҕолорбут улаатан, үөрэх бөҕөнү үөрэхтэнэн, бүтүн өрөспүүбүлүкэни салайан, тутан олорор тойоттор буоллулар. Бу үрдүк өһүөлээх салайааччыларбыт, тыа сиригэр сырыттахтарына, бэл, ситэриилээх былаас үлэтин нэһилиэнньэҕэ отчуоттуулларыгар сахалыы саҥарбакка олохтоохтору кыйахыыллар, кэлэтэллэр, бырабыыталыстыба аптарытыатын түһэрэллэр.

Дэлэҕэ, ийэ тылбыт араҥаччыһыта, ытык киһибит Михаил Петрович Алексеев-Дапсы нууччатымсыйаҕыт, сахабыт тылын саппаҕыртыгыт, суолтатын түһэрдигит диэн уонунан сыллар усталарыгар дапсыйыа, тыл тутулун, суолтатын быһаара, өйдөтө, байыта сатыа дуо? Ыллыктаах сүбэни ылына сатаабаппытынан өлбүт дьоммут. 80-с сыллардаахха “Кыымҥа” эппиэттиир сэкирэтээри солбуйааччынан үлэлии олорон “илэҥсэ өйүнэн” диэн өйдөбүлү киллэрэ сатаабытын, бэл, “Кыым” оҕонньотторо: “Бу эмиэ туохпутуй, “илэҥсэ-килэҥсэ”, – диэн куолулаан, сөбүлээбэккэ ылымматахтара баара.

Сэбиэскэй кэмҥэ сир-дойду сахалыы аатын араастаан кэбилээн нууччалатан докумуоннарга суруйалларын, каартаҕа киллэрэллэрин Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ дуостал сөбүлээбэт этэ: “Бу аата тугуй, Саньяхтах диэн? Кыһыҥҥы тымныыга саҕынньахтаах сылдьар умнас дьаамсыктара олохсуйбут сирдэрэ. Онон сахалыы Саҕынньахтаах диэн суруллуохтаах, – диэн быһаарара. – Намцы, Борогонцы, Хангалассы диэн суруйаллар. Нам, Бороҕон, Хаҥалас диэн уларытыллыбакка суруллуохтаах. Хаһыаттар Талакан диэн нууччалыы охтон суруйаҕыт. Эбэҥки тыла, Таалакаан диэн суруллуохтаах”, – диэн көннөрөрө, үөрэтэрэ.

Чэ, куолулаан бүтүөххэ. Сааһыран, төһө да өйүм убаатар, инникитин Ийэ тылбытын сүтэрэр, норуот быһыытынан симэлийэр иэдээммитин өйдөтөр, долоҕойбутугар хатыыр кыахтаах аныгы муударай, бөлүһүөк Дапсылар, Багдарыын Сүлбэлэр наадалар диэхпин баҕарабын. Хаһааҥҥа диэри Абый Кэбэргэнэтин Куберганя диэбит курдук, Ийэ тылбытын “сии”, симэлитэ сылдьабыт?

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0