Биэтэс Билээхэп: Аны сүлэн эрэйдэммэттэр…

Бөлөххө киир:

Аныгы сайдыылаах сахалар буоллахпыт. Араас IT-технология, сыыппарабай сайдыы, интэриниэт үйэтигэр өйбүт-санаабыт уһуктан, эппит-сииммит аһыллан, түҥ былыргы өбүгэлэрбит, аймахтыы омуктарбыт үөрүйэхтэрэ, үгэстэрэ, геннэрэ хааммытыгар бэрилиннэҕэ, сөхсүтэн таһааран күннээҕи олохпутугар, үлэбитигэр-хамнаспытыгар бэркэ диэн туһанар буолубут.

Соҕуруу Эмиэрикэҕэ, хоту Аляскаҕа да олохтоох индиэйэстэр биис уустара сахалартан ууһаабыт омуктар диэн кэнсиэпсийэлээх учуонайдар да бааллар. Онон ырааҕынан хаан аймахтарбыт буолаллар. Дьиҥинэн, киһи аймахтаһа сатаабат дьоно. Баттаххын, оройуҥ тириитин хаһыытаппытынан хастыы тардар, нууччалыы, скальп устар идэлээхтэр. Уой-дыы, арах-арах, киһи да куттанар…

Дьэ доҕоттоор, кэм да батсаапка көрөн сөҕөн, дьулайан олоробун. Хайа улууска, нэһилиэккэ эбитэ буолла, индиэйэс-сахалар үөдүйбүттэр! Барахсаттарыҥ, Дьөһөгөй оҕолорун оҕолорун – убаһачааннар муҥнаахтары өлөрөн астааһыҥҥа мадьырынысаассыйа бастыҥын олохтообуттар. Аны идэһэни сүлэн эрэйдэммэккэ, баһыттан торуоһунан уот баҕанатыгар иҥиннэрэн, көхсүттэн тириитин хайа быһан эмиэ торуоһунан баайан, УАЗ бамперыгар хатаан баран, тириитин массыынанан хастыы, ньылбы таттаран ылаллар. Өссө кыайбакка буксуйан, буола гаастаан, көлүөһэлэринэн хаары-буору эрийтэрэн бурҕачыталлар, онтулара ньылбыламмыт, моонньулара быстыах айыылаах ууннары тардыллыбыт убаһачааннарын үрдүгэр ыһыллар.

Индиэйэс-сахалар санаалара кэлэн, илиилэрэ баран, киһиттэн түктэри дьаһанан, мадьырынысаассыйаланан астаабыттарын-үөллээбиттэрин биир бэйэм харчы да манньаҕа атыылаһыам суоҕа. Манна диэн эттэххэ, итинник мэхэньисээтэрдэр тиэхиньикэлэрин, массыыналарын уҥунуоҕа, уматыга быыһылаабата, тэстибэтэ буолуо, буксуйа-буксуйа көлүөһэлэринэн эрийтэрэн бурҕачыппыт хаардарыгар, буордарыгар оҥунуох, бэнсиин таммалаабатаҕа буолуо диир уустук. Сүрэҕэ суохтар сүгэнэн эттээн, быһаҕынан бысталаан эрэйдэммэт дьон буолуо. Көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук, көрбүрээтэрин төрдүнэн бычаалыйа сылдьар уонахтаах бэнсиининэн үлэлиир дьоҕус “Штиль” эрбиинэн хол-буут арааран эрбэтэр буолуохтаахтар.

Өбүгэлэрбит ис култууралаахтык бары сиэри-туому тутуһан, идэһэлэрин ыраастык-чэнчистик астыыр-үөллүүр үгэстэрин кирдээх хаарга илдьи тэпсэн, санитарнай ирдэбиллэргэ ырааҕынан эппиэттээбэттик туттан-хаптан бысталаабыт-кырбастаабыт эттэрин аныгы индиэйэс-сахалар ымыттан да көрбөккө бас быстар сыанатыгар Бааһынай ырыынагар батарыахтара. “Сур бөрөлөр курдук мэлдьи аччык куораттар былдьаһа-былдьаһа ылыахтара”, — диэн күлүктэригэр имнэнэллэр…

Биэтэс Билээхэп

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0