Биэтэс Билээхэп: Амма уута ып-ыраас, Амма уута сып-сылаас!

Ааптар: 
06.08.2022
Бөлөххө киир:

Быйыл куйааран, онно эбии ойуур баһаардарын умуруорууга тардыллыбыт сөмөлүөттэртэн былыттары тоҕута ытыалаан, таппыт сирдэригэр сир аһа барахсан үүнэр дьыла буолла. Сугун, дьэдьэн буһан, өрүскэлэһээччилэр, дьэ, туттан-хаптан аҕай эрдэхтэрэ. “Быйыл Аммаҕа тыраахтыр халтарыйар дьэдьэнэ үүммүт” диэн сурах-кэпсээн этэрбэс араадьыйатын –батсаабы толордо.
Аныгы үйэҕэ ыт эрэ массыыната суох. Түөрт атаҕынан түөрэҥэлээхтиир. Икки атахтаахтар ыйылас тимир көлөлөрүгэр олордулар да, кутуруктара куйаарга. Өр гыныахтара дуо, Кыыс Амма барахсан кырылас кумаҕар, күөх ньаассын кытылыгар астаран тиийэннэр Эмиэрикэ Чикаготыгар курдук, “тимир халҕаһа куорат” үүнэн тахсар.
Бугуһуйбут айылҕа оҕолоро тимир тиистээх аһыҥа, саранча үөрүн курдук ырааҕынан-чугаһынан эрийэ көтөннөр, оттору-мастары, дьэдьэннэри-хаптаҕастары барытын имири салаан, кэбийэн-кирэн үлтү тэпсэн, тибилийэн кэбиһэллэр. Дьэдьэннээн-отонноон илистибиттэрин, куйааһырҕаабыттарын таһааран: “Амма уута ып-ыраас, Амма уута сып-сылаас!” — дэһэн айманан умсаахтаан чомполоноллор. Чукоткаҕа дуу, Камчаткаҕа дуу муора кытылыгар дьапталлан сытар моржалар курдук, кытылы ыы-быччары күн уотугар сыламнаан, сагаардаан, били, Эмиэрикэҕэ эмиграннаабыт бэйиэт Соппуруон Уоһукап тардан кэбиспитинии “турбут сирдэригэр холлон, холлубут сирдэригэр аһаан” ампаалыктанан, бөхтөрүн-сахтарын ыскайдаан, кураанахтаабыт бытыылкаларын Кыыс Амма таас түгэҕэр хампарыта быраҕаттаан, сөп буолан хомуна охсон сус гынан хаалаллар.
“Сайын аайы аммалар айдаан бөҕөтө буолаллар. Сынньана кэлбит дьон хаалларбыт бөхтөрүн ыраастааннар, таһаннар. Саамай куһаҕана, алдьаммыт бытыылкаларын ууга быраҕаллар. Ити туох өйдөөх дьон эбитэ буолла? Сардаана сибэкки бөҕөнү үргүүллэр, баралларыгар таах быраҕаттаан кэбиһэллэр. “Тимир куораттар” кэннилэриттэн сыалай тыраахтыр буксуйа-буксуйа тардар бөҕүн-саҕын чакырдар, бөтүҥнэр, покровкалар, абаҕалар, сэргэ бэстэр хомуйаахтыыллар” диэн батсаапка Сулҕаччыттан айманаллар.
Ама да, дьэдьэннээбит-сугуннаабыт иһин, бу туох ааттаах алдьархайай? Тугу да улахаҥҥа уурбаппыт, ис култуурабыт суоҕа, ньэгэйбит туоһута-көстүүтэ. Манныктары уодьуганныырга олохтоох дьаһалта кыаҕа-былааһа тиийээхтээбэт муҥа буоллаҕа. Кыыс Амманы маһын кэрдэн өлөрө сатаан баран, нарын-намчы отун-маһын, сирин-уотун үлтү тибилийэр, быртахсытар сир оҥостон эрэбит дуо? Суох, тохтотуохха, эдьиийбитин Ольга Петровнаны уһугуннарыахха!
Кыыс Амманы араҥаччылыыр, харыстыыр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах уопсастыбаннай пуонданы тэрийиэххэ наада. Имири сотор, култуурата, суобаһа суох “икки атахтаах саранчаны” кэрбиир тимир тииһин тоһутар курдук, көҥүл көрүлүүллэрин тохтотор дьаһалла, сокуонна ылыныахха наада. Амманы ураты харыстанар сиринэн, айылҕа пааркатынан билиниэххэ. Манна кэлэн сир астааччылар, булчуттар курдук, көҥүл—лицензия атыылаһан сылдьар буоллуннар. Түспүт, тохтообут сирдэригэр санитарнай нуорманы тутуспат бэдиктэри тиэрэ кэлэн түһүөхтэригэр диэри ыстарааптыахха. Аммаҕа киириигэ-тахсыыга аатыран-аарыгыран турбут, дьаахханааччылар ырааҕынан тумнар ГАИ поһун чөлүгэр түһэриэххэ. Көрдүннэр-иһиттиннэр, кытаанахтык хонтуруоллаатыннар. Урукку буолбатах, уруулга араас кыдьыктаах, бэрээдэгэ суох бадьыылалар олорор буолбуттара ыраатта.
Үтүө тылы өйдөөбөт өрүттэри суут-сокуон, ыстараап-төлөбүр дьайыытынан ньүөлүтэлии, дөйүтэлии түһэн биэрдэххэ эрэ, оруо маһы ортотунан чолоҥнообокко, кэтэнэр, туттунар, киһилии сылдьар буолуохтара…

Биэтэс Билээхэп

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0