Кыайыы күнэ. Муҥура суох үөрүү, харах уута аргыстаах, кыырыктыйбыт чанчыктаах, өрөгөйдөөх бырааһынньык! Ити билигин, итинник ырыа буолан ылланар бырааһынньык.
Мин оҕо эрдэхпинэ, сэрии бэтэрээнэ диэн өйдөбүл да суоҕа. Аҥаар илиилээх, аҥаар атахтаах, баас-үүт буолбут Кыайыы саллааттара барахсаттар, уоттуйбут гимнастеркаларын устубакка сылдьан, айгыраабыт олохпутун өрө тардар үлэ үөһүгэр түһэн, холкуостаах хоодуоттар, ыстахаанабыстар буолаллара. Кинилэргэ билиҥҥи курдук, ураты балаһыанньа, чэпчэтии, өйөбүл диэн көрүллүбэтэ. Бэйэлэрэ даҕаны “оннук сэриилэспитим, маннык кыргыспытым” диэн сэһэн-кэпсээн оҥостубат, түөстэрин тоҥсуммат этилэр. Төттөрүтүн, сэрии туһунан санатары сөбүлээбэт, кыйаханар курдук буолаллара. Хайыахтарай, сэймэктэммит, ньиэрбэлэригэр оҕустарбыт дьон уйулҕалара хамсыыр, сүрэхтэрэ-дууһалара, баастара-үүттэрэ ыалдьаахтыыр буоллаҕа…
Биэстээх уолчаан сылдьан Кыайыы күннээбиппин умнубаппын. Оччолорго биһиги быһах угун саҕа дьиэбитигэр мас тапчаан турар сирин сибэкки ойуулаах сатыын таҥас быыһынан тардынан, биир дойдулаахпыт, сэрии кыттыылааҕа Хатаайап Сэмэн дьукаах олорбута. Биирдэ, сааскы ылбаҕай күн, тапчаанын анныттан баар-суох малын – хаппаҕын иһигэр саллааттар, араас маҕан, хара баттахтаах нуучча кыргыттарын ойуулара сыһыарыллыбыт дьоҕус мас дьааһыгын таһааран арыйа баттаан, бэрт кичэллээхтик бүк тутуллан сытар гимнастеркатын, кыһыл сулустаах пилоткатын, алтан бирээскэлээх бириһиэн курун таһааран кэтэн, курданан кэбиспитэ. Түөһүгэр хас да мэтээлэ кылабачыһан, кылырҕаһан ыллылар. Кыһыл суруктаах, тааҥка ойуулаах мэтээлин өйдөөн хаалбыппын. Пилоткатын кэтэн: “Тоойуом, Биэтээс, бүгүн бырааһынньык. Бардыбыт”, — диэн сиэттиһэн, Хордоҕойго леспромхоз маҕаһыыныгар тиийдибит.
Дьон бөҕө аалыҥнас. Сэмэним хас да көрсүбүт дьонун кытта “Кыайыынан!” — диэн эҕэрдэлэһэн, биир иһит ууламмыт испиир, килиэп, кэнсиэрбэ, миэхэ: ”Оҕобор мүөттэ”, — диэн кырыылаах ыстакааны толору дьэҥкир ууллаҕас мүөт атыылаһан, тиэргэҥҥэ киһи кыайан кууспат модьу дүлүҥнэри остуол оҥостон олорон, аһаан бардыбыт. Эмиэ бэйэтин курдук саллаат таҥастаах, мэтээллэрдээх, астаах-үөллээх хас да киһи сыста түһэн, испиирдэрин ыстакаанынан түһэрэн эҕэрдэлэһэн, кэпсэтэн, ханан, хайдах сэриилэспиттэрин санаһан күө-дьаа буолан, устунан холуочуйан бардылар. Сөмүйэбинэн мүөппүн сиэн ньаҕайдана олорордохпуна таба көрөн: ” Оҕобутун дьолуттан матарымыаҕыҥ. Сыллыый, эн үйэҕэр сэрии буолбатын!” — диэн кырыылаах ыстакаан түгэҕэр испиир кутан биэрбиттэрин иһэн кэбиһэн баран, тыыным хаайтаран, чачайан тумнаста сыспыппын: “Маладьыас, эр киһи!” — диэн көхсүбүн таптайан уоскуппуттара.
Кырдьаҕастарым устунан ыараан, ким туох бааһырыылааҕын көрдөрүнэн, дьарҕа буолан эрэйдэнэллэрин кэпсэтиһэн, төбөлөрүн холбоон ытамньыһан ылаахтаабыттара. Сэмэн: “Бу, дьулайым аһаҕас сылдьабын”, — дии-дии, ытыы-ытыы дьонугар, миэхэ туттаран көрдөрбүтэ. Эһээхэй оҕо дьулайыныы, уҥуоҕа суох кутаҥнас курдугун өйдүүбүн. Улахан дьон, сэрии саллааттара ытыылларын тулуйбакка, испиирим төбөбөр тахсан да, тэҥҥэ ытаһа олорбутум…
Биэтэс Билээхэп