Биэтэс Билээхэп: Саахар ыарыылаахтар, сэрэниҥ!

Ааптар: 
06.08.2022
Бөлөххө киир:

Сааскыттан хаптайа быһыытыйа сылдьыбыт хамсык ыарыы саҥа көрүҥэ – ковид-20 диэн штамма өрө туруох курдук буолан эрэр.

Ордук саастаах, ол-бу олохсуйан хаалбыт ыарыылаах дьон хаптараллар эбит.
Бэйэм да чуолкай билбэппинэн, хантан, хайдах хаптарбытым буолла, кыраадыһым өрө тахсан тиритэн-титирээн, түҥ-таҥ түһэн, ыксааммын бырааһы ыҥыртарбытым кэлэн бэлэспин, таныыбын хаһан анаалыс ылан барбыта. Сарсыныгар “анаалыһыҥ положительнай, ковидтаабыккын” диэн инпиэксийэлээхтэр балыыһаларыгар хаайан кэбистилэр.
Балыыһа иһэ ыы-быччары, палааталар тобус-толорулар. Онон кырабаат туруоран көрүдүөргэ сытыардылар. “Соҕотохсуйуоҥ суоҕа, онуоха-маныаха диэри эрэ чуҥкуйуоҥ” дэһэннэр сирэйдэрэ-харахтара көстүбэт сабыылаах көстүүмнээх эмчиттэр анаалыс бөҕөнү ылан, укуол бөҕөнү туруоран, истэри, самыылары, былчыҥнары, тымырдары тэһитэ-дьөлүтэ анньыалаан бүттэлээх сири хаалларбатылар.
“Оо, саахарыҥ үрдээбит, 20 буолбут, диабетчиккын дуо?”—диабетолог бырааспын дэнэн, көрүдүөрү толору бүөлээн үрүҥ эһэ курдук үллэриҥнээбит түөтэ аһыыр бырааппын быһан, куолайбын хам баайан, ыйыллары тардан кэбистэ: “Минньигэһи, аһыыны, ньулууну, туустааҕы, убаҕаһы, хойууну сиириҥ, иһэриҥ табыллыбат. Килиэп көҥүллэммэт, доруоһалаах, хаппыт хорудьуосканы эрэ бэрт кыратык хачыгыратыаххын сөп. Оҕуруот аһа, хортуоппуй, ол-бу салаат-илээт, фрукта, дьаабылыка, груша, виноград, мандарин битэмииннэрэ элбэх, саахаргын үрдэтэллэр. Сыалаах эт, халбаһы, кэтилиэт, бэрэски, билимиэн ончу көҥүллэммэт. Үрүҥ астан, үүттэн, сүөгэйтэн, чөчөгөйтөн туттунуоххун наада. Барыанньаҕа, хомпуокка сананыма даҕаны. Хааһыны айаххар олох угума, злаковай үүнээйи үрдүк иҥэмтиэлээх. Балык фосфордаах буолан, эмиэ буортулаах, сымыыт диэки көрүмэ даҕаны. Кэмпиэт, бирээнньик туһунан этэ да барбаппын. Ууну кыраантан испэккин, ырааһырдыллыбыт “өлбүт ууну” бэрт кыратык ыйырбахтыаххын сөп. Кыбааһы, пиибэни, арыгыны иһэҥҥин өлө оонньоойоҕун, сэрэн!”.
“Оччотугар, тугу да аһаабакка, хоргуйан өлөбүн дуо?”—ыксаан ыйыталаһабын.
“Эттим буолбат дуо, хорудьуоска уонна ыраастаммыт “өлбүт уу. Итиэннэ “сибэтиэй тыынынан” тот сылдьыаҥ”,— диэн буолла.
Дьэ, доҕоттоор, итинник. Эмиэ көбөн эрэр ковид-20 штамм минньигэһимсэх, саахарымсах дьиикэй эбит! Саахар ыарыылаах – диабеттаах дьон сэрэниэххитин-сэрбэниэххитин наада буолбут.

Биэтэс Билээхэп

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0