Биэтэс Билээхэп: «Пандыамыйа диэн – па!»

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
06.11.2020
Бөлөххө киир:
«Тииммэт-түгэммэт – булан тиинэр-түгэнэр». Нууччалыы «Голь на выдумки горазд» дииллэрин курдук. Тыһыынчанан тысхаҥныыр, мөлүйүөнүнэн мөскөҥнүүр үтүмэн үптээхтэргэ курдук, кинилэр муҥнаахтарга ким да, тугу да «дук гыммат», айахтарыгар укпат.

Төттөрүтүн: «Кыанан-уйунан эмтэммэт кырдьаҕас, биэнсийэлээх айах адаҕаларын тоҕо эмтиибитий, үрдүк технологиялаах мэдиссиинискэй көмөнү тоҕо кинилэргэ оҥоробутуй, кинилэргэ «конкордара» да сөп буолуо»,- диир дойдуга доруобуйа харыстабылын салаатын тутан олорор үрдүк өһүөлээх хотуттар-тойоттор баар буоллулар.

Бас быстар сыаналаммыт омуктар араас табылыаккаларын, эмтэрин атыылаһар кыаҕа суох тииммэт-түгэммэт араҥа – отчут-масчыт тыа дьоно, биэнсийэлээхтэр барахсаттар, хайыахтарай, өбүгэлэрин үөрүйэхтэринэн отунан-маһынан эмтэнэргэ күһэллэн эрэллэр. Хамсык дьаҥа – пандыамыйа саба халыйыаҕыттан, кыһалҕа кыһарыйан оту-маһы, сэбирдэҕи-лабааны, лабыктаны-мутукчаны, отону-туорааҕы барытын эмп оҥостор, иһэр, тыынар, угуттанар, бэрэбээскилэнэр буоллулар. Анал үөрэхтээх исписэлиистэртэн итэҕэһэ суох батсаабынан кэпсииллэр, сүбэлииллэр-амалыыллар. Барахсаттар, дьоммут-норуоппут туһа диэн, кыһаллан эрдэхтэрэ…

Дьэ, биһиги дэриэбинэҕэ баар: «Пандыамыйаны «па!» диибин. Хамсык дьаҥын хам тутар бороссодуураны булан турабын, мин ньымабын батыһыҥ!» -диир эр бэрдэ. Саллар сааһын тухары тарбыйахсыт, сүөсүһүт, 70-чатын чугаһатан эрэр Бостуук Оппуонньа эмээхсининээн, Балбааралыын, ат эккирэтэр дьиэлэригэр иккиэйэҕин толугураһан хаалбыттара балайда буолла. Оҕолор араас идэлэнэн, араас сирдэринэн тэлэһийэн, ыал-күүс буолан, оҕо-уруу тэнитэн олохсуйан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Тос турдук тойоттор да бааллар. Сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмит күндү ыалдьыт буолан көстөн ааһаллар.

«Өбүгэлэрбит үгэстэринэн хотону төттөрү дьиэҕэ холбуур кэм кэллэ. Сэссийэлиисимнээн, хомуньууһумнаан бүппүппүт ыраатта. Хотонум – эмтээх, үптээх ампаарым! Олох олорор, тыыннаах буолар хорук тымырым!» — Оппуонньа дьиэтин эргэ салҕааһынын кырыарбыт аанын арыйа баттаабытыгар хотон ньиксик сыта саба биэрэн соһутан өлөрө сыста. Кырааскалаах муосталаах сырдык дьиэ иһигэр икки эркини кыйа күкүүргэ симиллибит суугунас күөх оту, онто суох тот сүөһүлэр, таах туруохтааҕар кирэн кирдиргэтэллэр. Долборукка сааллыбыт туора маска уонча куурусса кэчигирэһэн утукутуу, утуйа олорор.

«Доор, «таҥара маһа күрдьэх» диэн, дьэ бу баар. Ынах сааҕа аныгы үйэҕэ валюта буоллаҕа, көмүс манньыаты күрдьэн күлүмнэтии! Оттон ынах иигин, сааҕын ыыра-дьаара туохха да тэҥнэммэт, күүстээх дьайыылаах баксыына! Ханык да пандыамыйа бахтыарыйата тулуйбат, өлөн тойтос гынан хаалар. Ону-маны оргута-оргута, үллүнэ-үллүнэ тыынан-эҕирийэн эрэйдэнимэҥ. Сахам дьоно, куккут-сүргүт төрдүгэр – тыа сиригэр куотуҥ, хотоҥҥо төннүҥ, хамсык дьаҥыттан быыһаныҥ — 70-чалаах Бостуук Оппуонньа 50-чалаах эр бэрдинии уолугун нэлэтэн, түөһүн муҥунан эҕирийэ тыынар. — Пандыамыйа диэн – ПА!» — диэн тойон эрбэҕин чоротор.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0