Биэтэс Билээхэп: Абааһылар мунньахтара

16.07.2020
Бөлөххө киир:

Самаан сайын ортото. Бөтүрүөп уот куйааһа сатыылаан, сир-дойду сириэдийэ ситэн, ис-иһиттэн итии тыынынан өрүтэ уһуутаан, тэбэ турар олгуйдуу сирдьигинии эппэҥниир.

Иһиллээбит курдук, иһийэн уу-чуумпу. Саатар, чыычаах да ыллаабат, ынах да маҥыраабат, тыраахтыр да тыаһаабат. Инньэ Ньукуолунтан ыла, ус сайыны быһа этэн кэҕийбит кэҕэ кыылларбыт ньим бардылар. Чугас эргин киһи-сүөһү да көстүбэт, оҕо аймах аймаммат-чугдаарбат. «Уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук» диэбиттии, куйааһырҕаан, ибили итииргээн ууга симилиннилэр, сөрүүҥҥэ-күлүккэ састылар.

Айыы-айа, сырылатан-сырбатан куйаас күннэр диэтэҕиҥ… Сирдээҕи олох тохтоон, ыйанан хаалбыт курдук. От ыйын 13 күнэ – абааһылар мунньахтыыр күннэрэ. Кутталлаах, сэрэхтээх күн. Ол сатаналар аан дойдуттан мустан олорон, быйылгы дьылга кими, хайа киһини «анараа дойдуга» илдьэ барыахтаах испииһэктэрин оҥороллор, бигэргэтэллэр диэн буолар. Дэлэҕэ, түҥ былыргы өбүгэлэрбит бу абааһы мунньаҕа күн тыаһаамаҥ-ууһаамаҥ, оттоомоҥ-мастаамаҥ, сүгэни-эрбиини, хотууру-сиэрпэни тыаһатымаҥ, оту-маһы, сири-буору алдьатымаҥ, чуумпутук, си-дьүгээр сылдьыҥ, диэн кытаанахтык сэрэтиэхтэрэ дуо. Ити күн өбүгэлэрбит сиэрдээх сэрэтиилэрин тутуспатах киһи «бэлиэҕэ ылыллан», тутатына «хара испииһэккэ» киллэриллэр.

Аныгы интэриниэт, электроннай сибээс сайдыылаах кэмин кырдьаҕаһа буоллаҕым. Тугу гыныам баарай, үгэспинэн көмпүүтэрбин талкыйа, киҥкиниир киэҥ куйаарга бикипиэдийэни хасыһа олорон, «2020 сыл от ыйын 13 күнэ. Абааһылар норуоттар икки адыларынааҕы онлайн биидьийэ-кэмпириэнсийэлэрэ» диэн сайтка кэтиллэ түстүм. Итэҕэйбэккэбин харахпын сотто-сотто аахтым, онто суох итииргии олорон, көлөһүнүм сарт түһэн салла-салла, санаам батарбакка сайты арыйдым. Иэним кэдэҥнии-кэдэҥнии, били, биидьийэҕэ көрдөрөр сир анныттан тахсар иэҕэҥнэспит-куоҕаҥнаспыт иччилэри көрүөм дии санаабытым, 80-с сыллардааҕы баартыйа обкуомун, Совмин дуу мунньаҕар баар буолан хааллым! Дьэ, буолар да эбит. Өрөспүүбүлүкэбитин салайан ааспыт ытык-мааны салайааччыларбыт барахсаттар мунньахтыы олороллор. Оччотооҕу киинэ-хроника диэҕи, мунньахтарын уурааҕар бүгүҥҥү тыын суолталаах боппуруоһу дьүүллэһэллэр.

– Хамсык-дьаҥ хара дьайа дьоммутун-норуоппутун хам баттаабыт, онто суох өлө-сүтэ олорор мүһүлгэ кэмнэригэр «хара испииһэги» оҥорууну тохтоторго. Бүрүүкээбит эпидьиэмийэни төрдүттэн суох оҥорорго, ыарыыны көбүппүт бахтыарыйаны оҥорбут, тарҕаппыт түөкүттэри хабарҕаларыттан ылан, хара дьай салгыы тарҕанарын тохтотор вакцинаны оҥороллорун модьуйарга, хонтуруолга ыларга. Сөбүлэһэҕит дуо? Куоластаан көрдөрүҥ! — бэрэссэдээтэллээччи ачыкытын өрө анньынна, килэрийбит сүүһүн былатыагынан ньухханна, сыгарыататын уматтан табаахтаан унаарытта.

Саала иһэ «саамай сөп, саамай сөп!» саҥалаах куоластаан адаарыс кыннарда. Дьэ, уонна, абааһылар мунньахтара диэҥ…

Биэтэс Билээхэп

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0