БИЭТЭС БИЛЭЭХЭ: Оҕо сааһым аргыһа

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
14.04.2024
Бөлөххө киир:

Ыраах Байконурга оҕо сааһым аргыһын – бастакы Сир аргыһын – долгуйа да, уйадыйа да астыныахпар диэри көрөн турдум. Дыыгыначчы үрдэриллибит футбол мээчигиттэн эрэ арыый обургу соҕус эбит. Киһи хараҕа халтарыйар кып-кылабачыгас. Антыанналара тыраадыһан, тэйгэччи ыйанан турар. Кэмигэр бүтүн аан дойдуну аймаабыт, ууга-уокка түһэрэн сөхтөрбүт тимир саарык. Аралдьыйан, ким да көрбөтүгэр, сэрэнэн-сэрэнэн даҕайан-имэрийэн ыллым: тыбыс-тымныы, ньып-ньылҕаархай.

…Бу туран, киһи-хара буолан баччааҥҥа тиийиэхпэр, олоҕум суолугар умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыт оҕо сааһым аргыстарын, убаастыыр-ытыктыыр аҕа дьоммун ахтан-санаан кэллим. Кинилэр билигин суохтар. Өлөөхтөөн, күн сириттэн сүтэн тураллар.

– Аҕаа, Бүөккээ, Миитээ, Сэмээн! Көрөҕүт дуо? Бастакы Сир аргыһын – уот сулуһу оҥостон туран төһөлөөх астына: «Биһиги, сэбиэскэйдэр, эмиэрикэлэри куоттубут ээ», – диэн күө-дьаа буолан, киэн тутта одуулаабыккытый. Оччолорго иннигитигэр-кэннигитигэр сырсыаккалаһар оҕолоргутуттан биирдэстэрэ, ол аргыскытын бу кэлэн илэ көрөбүн, тарбахпынан таарыйабын! – уйадыйан, уу-хаар баһан, кыатана сатыы турдум.

Табаарыспыныын, Өлөксөйдүүн, ол сыл «ньолубуой» кылааска киирэммит, оскуола дьоно буолбуппут. Ити 1957 сыл алтынньы саҥатыгар этэ. Дэриэбинэҕэ ыал ахсын да буолбатар, күөстэнэр миискэ хаппаҕын курдук тэллэгэр хара араадьыйалаахтар: «Киэһэ бу бириэмэҕэ Сир аргыһын, устан ааһар сулуһу, халлааҥҥа кэтээн көрүөххүтүн сөп», – диэн биллэриини истибиттэрэ. Оскуолабыт дириэктэрэ Дмитрий Ильич Григорьев, хаһан да араарбат биир миэтэрэлээх мас элиниэйкэтин тайахтанан туран, барыбытын стройдатан ол туһунан иһитиннэрбитэ.

Ол киэһэ киинэмэхээнньик Өкүлүүнэ, оту-маһы тардыалыы сылдьар холкуостаах убайдарбытын мөҥөн-этэн, эстэн биэрбэт киинэ мотуорун собуоттатан айманарын кэтэһэ таарыйа, самнархай кулууппут таһыгар көтөн ааһыахтаах Сир аргыһын көрөөрү оҕонньордуун-оҕолуун халлааны кэтээтибит. Ким урут көрөр эбит диэн кырдьаҕастар көх-нэм буолаллар.

– Нохолоор, сытыы харахтаах дьон кытаатыҥ! – биригэдьиирбит Сиипсэп Миитээ өрө хантайан туран симириктиир.

– Бу киһи, дьэ, урут көрөрө буолуо, чынайбыта сүрдээх, – арыый эдэрчилэрин, суотчут Бөтүрүөп Сэмэни, хаадьылаан, кыладыапсык-саппараапсык Кэриэй Ыстапаан сулламмыт титирик курдук чуохаллан, бэргэһэтин сыҥаахтара таллаһаллар.

– Һуу! Ити ааһан эрэр. Көрүҥ, көрүҥ! – аҕам, Уйбаачаан, биирдэ аймана түһэр.

– Ханна-ханна, хайа сулус диэкиний? – үөмэхтэһии, олоотоһуу бөҕө.

– Оол, оол! Үргэл суолун туора-быһа ааста!

– Э-ээ! Быыкаайкаан чолбон сыыһа эбит. Тугун түргэнэй!..

– Харахтаахпыт Уйбаачаан буолан биэрдэ, һэ-һэ… – Добдур Бүөккэ оҕонньор соодьоллон туран күлэр. Оччоттон баччаҕа диэри хараҕынан саамай мөлтөхтөрө, аҕам, кый үөһээнэн ааһан иһэр иһэр туочука саҕа сулуһу ким-хайа иннинэ булан таба көрбүтүн сөҕө сөҕө, муодаргыы саныыбын. Итинник буолуон күүппэтэх киһи, мин, мин, сэттэлээх уолчаан, үөрбүтүм, аҕабынан киэн туттубутум Ол д эриэхсит! Ол да иһин бу түгэн сүрэхпэр билиҥҥэ диэри субу баар баар курдук иҥэн сырыттаҕа…

– Оол-оол, Мартыын дьиэтин үрдүгэр тиийдэ! – аҕам айманара, таба табаҕын уота кыламныыра, ачыкытын тааһа килбэҥниирэ бу дыл баарга дылы.

Күһүҥҥү хараҥа халлааҥҥа тыбыс-тымныынан чыпчылыҥныыр бачымах сулустар быыстарынан тырымныы тыгар «тыыннаах уста сулус” устан ааһарын, харахпыт ууланан сүтэрэн кэбиһэ-кэбиһэ, симэ симэлийэн көстүбэт буолуор диэри өрө мыҥаан батыһа көрөн, сөҕө-махтайа, аймана турдубут…

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0