Анатолий Игнатьевич Чомчоев, кэмин урутаан иһэр, олоҕу тосту уларытар, инники хамсатар уу сахалыы толкуйдаах, ураты көрүүлээх, сөҕүмэр кыахтаах , булгуруйбат дьулуурдаах сылык киһи. Байыаннай, дьиҥнээх полкуобунньук.
Оо, 80-с сыллар бүтүүлэригэр, 90-с сыллар саҥаларыгар килэбэчигэс саппыкылаах, икки эрээт кэчигирэс тимэхтэрдээх сөрү-сөп синиэллээх, портупея курдаах, кытара кыыһар иилээх, хахаардалаах фуражкалаах, үстүү улахан сулустардаах погуоннардаах уола хаан киһи килэбэчийэн-кылабачыйан куорат киин уулуссатын устун хааман дьыралдьытан иһэрэ көрүөххэ астык этэ. Оччолорго, полкуобунньук сыбаанньалаах идэтийбит саха байыаннайа, баар да буоллаҕына, Дьокуускайга көстүбэт этэ. Онон тыыннаах саха полкуобунньугун сонургуу көрөрбүт, «полкуобунньук Чомчоев, Чернобыль дьоруойа» диэн сибигинэһэ былаастаан кэпсэтэллэрин салла да, киэн тутта да истэрбит.
Атомнай электростанция саахалын туоратыы үлэлэрин быһаччы салайбыт, атом эстиитин кутталын, буортутун этинэн-хаанынан билбит исписэлиис, аккаастаныахтааҕар, эньиэргийэ бу көрүҥүн куттала суох технологиятын айан таһаарарга, уйаара-кэйээрэ биллибэт хоту сиргэ, төрөөбүт Сахатын сиригэр сүүһүнэн, тыһыынчанан биэрэстэлээх сирдэринэн бытанан сытар нэһилиэнньэлээх пууннары олох сылаас тыынынан хааччыйар эрэллээх эньиэргийэ саҥа көрүҥүн туһанарга бигэ санааны ылыммыта.
Дэлэҕэ Дьокуускайтан 50-ча биэрэстэлээх сиргэ дьиэ кэргэнинэн олохсуйан, туһунан уоттанан-күөстэнэн, араллааннаах, көҥдөй олохтон бүгэн олорон уодаһыннаах атом куттала суох, эйэлээх олоххо туттуллар эньиэргийэтин биэрэр саҥа технологияны, кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйаны айан, оҥорон таһаарбыттарын аан дойду барыта биллэ, сэргээтэ! Анатолий Игнатьевич уон сылы быһа дойду сүүһүнэн учуонайдарын үлэлэрин Дьокуускай куорат таһыгар ойуур быыһыгар тэлгэһэтиттэн салайда, сүрүннээтэ. Түҥ былыргы учуонай Архимед билэрэ буоллар: «Эврика!» – диэн саҥа аллайыах этэ.
Дьэ доҕоттоор, билигин соҕотох «Якутскэнерго» хампаанньа илиинньэтинэн өрөспүүбүлүкэ уһук хоту, ыраах-чугас срдэригэр уматыгы-оттугу таһыыга, итиинэн-сылааһынан хааччыйыыга сылга 15 миллиард солкуобай көрүллэр. Оттон Чомчоевтаах айбыт, массыынаҕа тиэллэр контейнер саҕа сабардамнаах 330 Квт кыамталаах кыра атомнай ыстаансыйаны Боруулаах курдук сэлиэньэҕэ туруоран баран, 50 сыл кыһаллыбаккын, эргиллэн да көрбөккүн. Бэйэтэ үлэлии турар, көрүүгэ-истиигэ наадыйбат. Хоту сир олохтоохторо туттар эньиэргийэлэрин иһин ыйга 100 солкуобайы төлүүр буолуохтара!
Ити гынан, сөҕөбүн ээ… Дьүлэй муҥнаах, баҕар бэйэм ситэ истибэтим дуу, өрөспүүбүлүкэбит салалтатын, энэргиэтикэ, бырамыысыланнас салааларын, учуонайдар өттүлэриттэн тоҕо эрэ им-дьим. Инновация, инвестиция, интеграция, урутаан сайдыы, ол аайы үлүгэрдээх үп-харчы тыырыллыыта бөҕө буолабыт ээ. Оттон бу, инникитин бүтүн аан дойду олоҕун тосту уларытыахтаах, эньиэргийэ саҥа көрүҥүн оҥорор технологияны соҕотох бас билээччи Арассыыйа судаарыстыбатын өттүттэн да биир да тыл ыһыктыллыбата, дьэ, сүрдээх… Арба, чоҕу, ньиэби, гааһы хостоон, эргинэн байан-тайан олорор корпорацияларбыт, хампаанньаларбыт, олигархтарбыт оччотугар хайдах буолаллар, э-ээ?
Оттон мин муҥур тойон эбитим буоллар, Анатолий Игнатьевич Чомчоевка, дьиҥнээх полкуобунньукка, Нобелевскай бириэмийэни иҥэриэм этэ.
Биэтэс Билээхэп.