Биэстээх харчы

Ааптар: 
06.11.2022
Бөлөххө киир:

Мин оҕо эрдэхпинэ, 50 -с сыллар бүтүүлэрин диэки, бэлтэйбит алтан биэстээх харчы баара. Ол харчыны олус да күндүтүк саныырым! Күн-дьыл аастаҕын аайы бу үтүө өйдөбүлүм өссө сырдаан, чаҕылыйан иһэргэ дылы. Дьонум оскуолаттан ыраах пиэрмэҕэ олорор буоланнар, миигин, «ньоол» кылаас үөрэнээччитин, бөһүөлэккэ аймахтарбытыгар дьиэлээбиттэрэ.

Дьиҥнээх бытархан тымныылар диэн ол кэмҥэ бааллара. Силлээтэххинэ, силиҥ тута муус буолан, сиргэ «топ» гына түһэр буолара. Дьэ ол да иһин ийэлээх аҕам барахсаттар, оҕобут үлүйэн хаалыа диэн сэрэхэдийэн, ыалга олохтоохторо дии. Олорор ыалым ийэлэрэ элбэх саҥата суох, аргыый аҕай намылыйан сылдьар эдьиий Балагыас диэн ааттаах, сааһыран эрэр дьахтар этэ. Кини миигин наһаа маанылаан аһатара-сиэтэрэ, куруук төбөм оройуттан имэрийэ сылдьара. Икки, отуттарыттан тахсыбыт уолаттардаах этэ: Дьөгүөр таһаҕас массыынатыгар суоппарынан үлэлиирэ, Соомуон Аллараа «Чараҥ» пиэрмэтигэр субай сүөһүнү көрөрө.

Дьэ аны биэстээх харчыбытыгар төннүөҕүҥ. Мин «ньоол» кылааска киирэрбэр, сахалыы добдугураччы ааҕар, сүүрбэни иһинэн көҥүл эбэр-көҕүрэтэр оҕо этим. Ол барыта убайдарбыттан үөрэнэн. Убай туттубут киһим суоппар Дьөгүөр, күн аайы айантан кэлэн баран, мин үөрэхпин сураһар:»Хайа, сыллыый, бүгүн тугу ыллыҥ?» Мин «биэһи» ыллым» диэтэхпинэ, ыстаанын сиэбиттэн биэстээх харчыны ойутан таһаарар уонна: «Бу эйиэхэ «биэһи» ылбыккынан бириэмийэ!», — дии-дии, ытыспар ууран биэрэр. Эбээ оҥостубут Балагыаһым, былыргы сукунанан аттарыллан тигиллибит саппыйаны биэрбитигэр, ол биэстээх харчыбын уган кэбиһэбин.
Сороҕор күҥҥэ хас да «биэһи» ылан кэлэбин, оччоҕо дьэ ордук дохуотурабын: Дьөгүөр убайым «биэһим» ахсаанынан биэстээх харчыны биэрэн иһэр! Ол курдук били саппыйам сотору кэминэн биэстээх харчынан туолан хаалбыта.

Биир киэһэ утуйаары сытан толкуйдаатым: «Бээрэ, бу харчыбынан тугу гынабыный?», «Ээ, хата, убайдарбар бэрсэр эбиппин!», — диэн өй киирдэ. Ол кэмнэргэ киинэни биэстээх харчыга көрөр этибит. Сарсыныгар бэрэмиэнэ кэмигэр убайдарбын (иккиэн Гоша диэн ааттаахтар) буллум уонна:»Миэхэ элбэх да элбэх харчы баар, онтон эһиэхэ бэрсиэм этэ», — диэтим. Убайдарым үөрүү бөҕөлөрө! Мин саппыйабыттан кинилэр ытыстарыгар харчыбыттан кутан биэрдим, бэйэбин да матарбатым.
Ити курдук, саппыйам туоллаҕын аайы, убайдарбар өлүүлүүр этим. Билигин, сааһыран олорон саныыбын ээ. Суоппар убайым Дьөгүөр, миэхэ биэстээх харчыны биэрэн, бэртээхэй стимулу толкуйдаабыт. Харчыны сатаан аттаран туттарга, чугас дьоммун кытта үллэстэр амарах санааҕа үөрэппит-такайбыт. Сахаҕа сэбиэскэй кэмҥэ даҕаны итинник, инникини өтө көрөн толкуйдуур дьон бааллар эбит.

Елена Прокопьева.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0