Биэс солкуобайдаах хааһы

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонуктааҕыта соҕурууҥҥу үрдүк сололоохтор үлэлэригэр баар остолобуойдарыгар аһылыктара букатын аҕыйах солкуобайдааҕын соһуйа көрбүттээҕим. Түөрт киһи аһаабыт аһа 200 солкуобайтан эрэ арыый тахса этэ. Эчи хаарыаны, биһиэхэ да итинник буолбатах эбээт, саатар социальнай араҥа дьоҥҥо, диэн толкуйдаан аһарбыттааҕым. Ити санаам сойо да илигинэ, бырайыак киирбитин үөрэ иһиттим. Туох бырайыагый?

edersaas.ru


Тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай академиятын ректора Иван Слепцов көҕүлээһининэн, устудьуоннарга анаан, олунньуттан 5 солк. сарсыардааҥҥы хааһы социальнай бырайыак олоххо киирбит. Оҕолор үөрэхтэригэр  тахсан иһэн, дьиэлэригэр ийэлэрэ буһарарын курдук минньигэстик буспут итии хааһыны мотуйан ааһаллар эбит. Хааһы, килиэп, чэй ылаллар итиэннэ барытыгар 5 солкуобайы эрэ төлүүллэр. “Манна үксүн тыа сирин оҕолоро үөрэнэллэр. Дьиэлэриттэн, төрөппүттэриттэн тэлэһийэ сылдьар, ордук маҥнайгы куурус устудьуоннара, сороҕор сарсыардааҥҥы аһылыктарын көтүтэн кэбиһэллэр. Билигин устудьуоннар үөрэх иннинэ итии аһы сииллэр. Сүрүннээн, ириис хааһыны ордороллор. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр бүтэр”, — диэн тустаах үөрэх кыһатын уопсастыбаннай коммуникацияларга салаатын үлэһиттэрэ кэпсииллэр.

Тыа хаһаайыстыбатын академията бэртээхэй бырайыагы олоххо киллэрбит. Быраастар киһи хайаан даҕаны сарсыарда аһыахтаах диэн сүбэлииллэр. Оттон устудьуон аймахха бу ордук суолталаах. Атын да үөрэх кыһалара үтүө холобуру батыһыахтарын сөп эбит.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Тыа хаһаайыстыбатын академиятын саайтыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0