Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биэс ойуур баһаарын умуруораллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Өрөспүүбүлүкэҕэ 68 га иэннээх  сиргэ биэс ойуур баһаара: Уус Алдаҥҥа (2), Үөһээ Бүлүүгэ (1), Ньурбаҕа (1), Дьокуускайга (1) бэлиэтэнэр.
Баһаары умулларыыга 82 киһи, икки тиэхиньикэ үлэлиир диэн СӨ Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Уустук суоллаах-иистээх, хонтуруолга тутуллар зонаҕа биэс термотуочука (11039 га иэннээх сиринэн) баара бэлиэтэнэр. Балары кэтээн көрүү үлэтэ ыытыллар. Нэһилиэнньэҕэ уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһаабат.
Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо уонна ыалдьыттара ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбилин тутуһаргытыгар Экология министиэристибэтэ сүбэлиир. Ойуурга баһаары көрдөххүтүнэ 8-4112-44-74-76, эбэтэр 8-800-100-94-00 нүөмэрдэргэ төлөпүөннүүгүт.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0