Биэс саастааҕыттан олоҥхо абылаҥар ылларбыт Настя Алексеева
Олоҥхоҕо оҕону хас сааһыттан уһуйуохха сөбүй? Тус бэйэм оҕо сылдьан тойуктаах айымньы кылыһаҕынан киэргэммититтэн иҥнэн, ис хоһоонун арааран истибэт этим, онон олоҥхо алыбар олох кэнники, улахан киһи буолан эрэ баран ылларбытым. Онон сылыктаан, «олоҥхо оҕоҕо анамматах айымньы» диэн санааны олоҕум устун илдьэ сылдьыбытым. Ол эрэн, сэбиэскэй иитиилээх пионер өйүн олоруутунан уонна аныгы, төрүт култуураҕа кыра эрдэҕиттэн уһуйуллар оҕо олоҥхоҕо сыһыана тус-туһунан буолар эбит. Итини туоһулуур чаҕылхай холобурунан Чурапчы Чакырыттан сылдьар Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Анастасия Алексеева буолар.
“Биэс сааспыттан олоҥхолуубун”
Быыкаайык эрдэхпиттэн нэһилиэкпит кулуубун сыанатыгар тахсар этим. Биэс саастаахпар Эдьиий Марыынаны үтүктэн нүөмэр туруорбуппут. Эбээлээх эдьиийим баттахпын куудара гына өрөн, кини курдук таҥаһы тигэн, үүт-үкчү оҥорбуттар этэ. Ону мин сыанаҕа тахсан Марина Попова “Үчүгэй, үчүгэй” ырыатын ыллаан, улахан биһирэбили ылбытым. Онно кэнсиэр кэнниттэн кулууппут дириэктэрэ Вера Оконешникова ийэбэр “Дьырыбына Дьырылыатта уонна Тойон Дьөллүүт” диэн оҕолор ааҕалларыгар ананан кылгатыллыбыт айымньыны биэрбит эбит. “Маны үөрэтиҥ” диэн.
Билигин, биэс саастаах оҕо кыайыа дии санаабыттарын сөҕөбүн эрэ. Биллэн турар, бэйэм сатаан аахпаппын, киэһээ аайы ийэм ааҕан биэрэр, нойосуус үөрэтэр. “Былыргы дьыллар быралыйбыт быһылааннаах мындаҕайдарыгар…” диэнтэн саҕалаан 15 лиискэ суруллубут олоҥхону ити курдук үөрэтэн барбытым. Сорох тылын өйдөөбөт да буолларбын, туох туһунан кэпсэнэрин хоһуллар дьоно туспа-туспа саҥалаахтарын өйдөөбүт эбиппин. Аны туран олоҥхону хайдах толороллорун ийэм да, кулууп үлэһитэ да билбэт эбиттэр, эгэ мин билиэм дуо? Онон туран эрэ этэргэ үөрэнним, ол туран хоһуллар көстүүлэрбин илиибинэн көрдөрөбүн, кырдьык-хордьук араас персонажтары араастаан саҥарда сатыыбын.
“Маҥнайгы үөрэппит олоҥхобун туран эрэ туойбутум”
Онтон олоҥхону туойар оҕолор икки ардыларыгар «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» күрэх баарын туһунан истэн Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүгэр айаннаабыппыт. Маҥнайгыбын ыраах айаннаабыт киһи улаханнык илистэн, сахсыллан, оннооҕор хотуолаан эҥин тиийбиппин өйдүүбүн. Ол оннук сордонон тиийбиппин, аны жюри тойотторо “тоҕо маннык кыра оҕону аҕаллыгыт, ама кини олоҥхолуо дуо!” диэн мөҕөөччү буоллулар, “күрэххэ кытыннарбаппыт” диэн, батан кэбистилэр.
Бу санаатахха, кырдьык, уон саастарын ааспыт оскуола оҕолоро кытталлар эбит. Хата ийэм санаата самныбатах, жюри бэрэссэдээтэлэ дьахтар соҕотох турарын көрөн, “киниэхэ тиийэн кытыннар диэн көрдөс” диэн миигин кигээччи буолбут. Тиийэн көрдөстүм, ону бэккиһээн быһыылаах, сыанаҕа таһаардылар. Онно балачча улахан кэрчиги олуттубакка ааҕарбын истэн баран, кыттарга көҥүллүүллэригэр тиийдэхтэрэ дии. Ол күн оҕолор олоҥхолуулларын иһиттим, элбэҕи саҥа өйдөөн, олус баай билиилээх күнү олордум. Ордук дьиктиргээбитим — олоҥхону олорон эрэ туойаллар эбит! Киһи эрэ буоллар, сарсыныгар мин эмиэ олорон эрэ туойааччы буоллум.
Ити курдук олоҥхонон дьарыгыран барбытым. Оттон ийэм Зинаида Алексеева өр сылларга уус-уран салайааччым, “менеджерим” буолбута, кинини кытта бииргэ элбэх олоҥхо күрэхтэригэр, бэстибээллэригэр сылдьыбыппыт.
Бэйэм айбыт олоҥхом
Онтон ыла Олоҥхо ыһыахтарыгар сылын аайы кыттар буолбутум, олоҥхо күрэхтэрэ буолалларын эрдэттэн билэр этим. 2015 сыллаахха дойдубар, Чурапчыга, Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллара биллибитигэр, олоҥхо күрэҕэр “хайдах быһыылаахтык кыттыбыт киһи?” диэн санааҕа ылларбытым. Үөскээбит төрүт сирбэр уратытык, бэйэбэр өйдөнөн хаалардыы кыттыахпын баҕарбытым. Ол иннинэ оҕолор бэйэлэрэ олоҥхо айалларын истэр этим, холобур, Юра Борисов диэн уол, кини миэхэ “айан көр ээ” диэн этэр этэ. Ону “чэ, хаһан эмэ холонуом” дии сылдьыбытым. Ол барыта түмүллэн, ити тэрээһиҥҥэ санаам уһуктан, олоҥхо айар санааҕа кэлбитим.
Бэс ыйын 1 күнүттэн бэс ыйын 12 күнүгэр диэри айар иэйии кутугар ылларбытым. Ол үлэм түмүгэ — “Ураты ураанай дьылҕалаах, кыргыһыыга көлүйэр кыыһар кыһыл аттаах Кыыс Урсун удаҕан” диэн ааттаах олоҥхо буолбута. Ити кэмҥэ син элбэх олоҥхону истибит, үөрэппит киһи буоларым быһыытынан икки сыаллаах этим – олоҥхо үгэһин барытын тутуһуу уонна атын олоҥхолорго майгыннаабат ис хоһоонноох туспа уус-уран айымньыны оҥорон таһаарыы. Кэнники, билэр дьон “манна сыыспыккын, бу маны кэспиккин” диэн сыыһаларбын ыйбыттара эрээри, син туспа тыыннаах, олоҥхоҕо майгынныыр айымньыны айбыт этим. Уонна Олоҥхо ыһыаҕар толорбутум – ити эмиэ уустук этэ, айа олорон аны үөрэтэ, туойар ньымабын көрдүү олорбутум. Кыттааччы былааҥкатын толорорбор, айымньы аатыгар анаммыт графаҕа быыкаайык миэстэ анаабыт этилэр, онно айымньым уһун субуруйбут аатын батараары, эмиэ биир эрэй!
Артыыс идэтэ дуу, тыл үөрэҕэ дуу?
Үөрэхпин бүтэрэр сылбар Гаврил Менкяровка “Вконтакте” ситимҥэ сурук суруйааччы буоллум «Убаай, дорообо. Артыыс буолуохпун баҕарабын, ханна, ханнык үөрэххэ туттарсабын?» диэн ис хоһоонноох. Аймаҕым буолбатах, кини эмиэ кыра эрдэҕиттэн олоҥхолуур, күрэхтэргэ кыттар этэ, онон дөрүн-дөрүн онно-манна көрсөр этим. Ити кэмҥэ кини “Айыы Уола” киинэҕэ уһуллан, киэҥ эйгэҕэ биллэр “сулус” буолан эрэр кэмэ этэ. Ол да буоллар, сурукпар хоруйдаабыта. “АГИКИ диэн үрдүк үөрэх кыһата баар, онно артыыска үөрэтэллэр” диэн быһаарбыта, “ол эрэн, бу сылга артыыска үөрэтэр бөлөҕү хомуйбаттар” диэн эбэн эппитэ. Кыра эрдэхпиттэн артыыс буолар санаалаах улааппыт киһи ити сонунтан мух-мах барбытым, онтон син олоҥхо эйгэтигэр чугаһатан, ХИФУ саха тылын салаатыгар туттарсарга санаммытым. Ити үөрэххэ туттарсарга аналлаах БКЭ хайысхаларын туттарбытым. Онтон абитуриенныы сырыттахпына, Олоҥхо тыйаатырын салалтатыгар үлэлиир Мария Турантаева “АГИКИ-га эстрада артыыстарын үөрэтэр салаа арыллар, онно киир, оччоҕо биһиги тыйаатырбытыгар үлэҕэ ылыахпыт” диэн сүбэлээбитэ. Ити курдук, биир эйгэҕэ кыра эрдэхпиттэн убаммыт буоламмын, онтон-мантан өйөбүл көстөн испитэ, баҕалаах идэм хоту атаарыллан испитим. Тиһэҕэр, Андрей уонна Степанида Борисовтар төрүттээбит Олоҥхо тыйаатырдарын артыыһа буолан, таптыыр үлэбэр күннэтэ айа-тута сырыттаҕым.
Олох дьикти эргиирэ
Биир сыл, эдэр олоҥхоһуттарга аналлаах Бэрэсидьиэн граныгар тиксибитим, ол бирииспин ыла (10 тыһыынча солкуобай, улахан харчы) куоракка киирэн баран ийэбинээн Саха тыйаатыра туруорбут “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхотун көрө тиийбиппит. Бадаҕа, 2006 сыллаахха этэ. Степанида Ильинична толоруутун чыпчылыйбакка кэриэтэ көрбүтүм, кылыһахтаах тойук абылаҥар ылларбытым. Аны сыана иннигэр олорбуппут, ону абааһыны оонньуур Петр Баснаев уун-утары кэлэн, мин диэки туһаайан “аар!” диэбиттэрин, миэстэбиттэн куота сыспытым. Ол киэһээни быһа “ийээ, абааһы миигин көрдө, ырдьыгынаата!” диэн омуннура-омуннура кэпсээ да кэпсээ.
Ити маҥнайгы сыанаттан көрбүт олоҥхом этэ. Ону сүүрбэччэ сыл ааһыыта, бэйэм Кыыс Дэбилийэ оруолун толорооччу буолбутум дьикти. Аны биэс саастаахпар нойосуус үөрэппит “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхобор тыйаатырга маҥнайгы оруолбун толорбутум, бу эмиэ дьикти сөп түбэһии буолбат дуо?
Олоҥхо тыйаатыра хайа диэки сайдыан сөбүй?
Билигин биһиги тыйаатырбыт сөптөөх суолга тайанан, табатык сайдан иһэр дии саныыбын. Аҕыйах кэм анараа өттүгэр олохтоммут тыйаатыр диэтэххэ, балай эмэ киэҥ репертуардаах, турбут олоҥхолор бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат оҥоһуулаахтар, ис хоһоонноохтор. Мин санаабар, бу суолу тутуһан сайдыахтаахпыт. Баҕа санаам – биир өттүнэн олус баай декорациялаах, көстүүмнээх “эталон” оҥоһуллар туруоруу баар буолуохтаах.
Уонна иккис өттүттэн, олох судургу, моноспектакль курдук туруоруллубут, соҕотох олоҥхоһут туойар туруоруу да эмиэ баар буолуо этэ. Ити икки далааһын икки ардыгар элбэх көрдөөһүн тахсыа этэ. Ити барыта саҥа тутулла сылдьар Арктика киинигэр бэйэбит тыйаатырданнахпытына, олоххо киириэ дии саныыбын.
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыската уонна
Анастасия Алексеева тус архыыбыттан хаартыска.