Биэс оҕолоох ыал дьиэ ыларыгар көмөлөстүлэр

Бөлөххө киир:

2018 сыл кулун тутар 29 күнүгэр “Биэс уонна онтон элбэх сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолордоох ыалы олорор дьиэнэн хааччыйыы” диэн сүрүн дьаһалы олоххо киллэрии туһунан” СӨ бырабыыталыстыбатын 82 №-дээх уурааҕар илии баттаммыта. Онон сиэттэрэн, олорор дьиэни атыылаһарга маннык социальнай төлөбүрдэр 2019 сылга 150-ча ыалга бэриллиэхтээх.

edersaas. ru

Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 7 күнүгэр, СӨ тутуутун миниистирэ Павел Аргунов уонна СӨ үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова 5 оҕолоох ыал ийэтэ Людмила Высоцкаяҕа 2 мөлүйүөн 659 тыһыынча суумалаах социальнай төлөбүр бэриллэрин туоһулуур докумуону туттардылар.
Людмила Высоцкая биэс оҕотуттан иккитэ —  устудьуон, онтон үс оҕо оскуолаҕа үөрэнэр. Кинилэр бу иннинэ дьиэ куортамнаһан, ыарахан усулуобуйаҕа олорбуттара. Билигин кинилэргэ дьиэни иккис ырыынактан атыыластылар.
Саха сирин тутуутун миниистирэ Павел Аргунов: “Быйыл өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев бу бырагырааманы үбүлээһини 350 мөлүйүөн солкуобайга диэри үрдэтэргэ сорудахтаабыта. Социальнай төлөбүр кээмэйэ, дьиэ кэргэн састаабыттан көрөн, 2 мөлүйүөн 659 тыһыынчаттан 5 мөлүйүөҥҥэ диэри үрдүөҕэ”, — диэтэ.
Саха сиригэр 2012 сылтан элбэх оҕолоох 322 ыалга социальнай өйөбүл оҥоһулунна.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0