Саха сиригэр Аҕалар күннэринэн уонна аҕалар бастакы сийиэстэрэ ыытылларынан, бүгүн Анатолий Бурнашевы кытары кэпсэттибит. Бу сырыыга кинини ырыаһыт быһыытынан буолбакка, элбэх оҕолоох аҕа, сахалыы уһуйааны тэрийэн үлэлии сылдьар, оҕону иитиигэ ураты көрүүлэрдээх салайааччы быһыытынан сырдатыахпыт.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Соҕотох оҕо
– Анатолий, эһиги дьиэ кэргэн «Күнтэгил» оҕо уһуйаанын үлэлэтэрин билэбин.
– Оҕо уһуйаанын 2012 с. кэргэмминиин Светлана Афанасьевналыын тэрийбиппит. Куоракка Айсен Николаев баһылыгынан саҥа талыллыбыт уонна кырачааннарбыт оҕо саадыгар киирэр кэмнэрэ кэлбит этэ. Онно оҕо саадын боппуруоһа олус сытыытык турарын эппитинэн-хааммытынан билбиппит. Ол иһин, оҕо уһуйаанын тэрийэр санааҕа кэлэн, бэйэбит сүүрэн-көтөн арыйбыппыт. Ханнык баҕарар саҕалааһыннар ыарахаттардаах буолуохтарын сөп. Ол гынан баран, бэйэҕэр эрэллээх буоллаххына, барыта кыаллар.
Мин ыал буоларбар, кэргэммэр «дьиэҕэ олорон оҕолоргун иитэр ийэ буолуоххун наада» диэн баҕа санаабын эппитим. Кэргэним үрдүк үөрэҕи бүтэрбит дипломун хайа күн долбуурга ууруоҕуттан, биир да күн идэтинэн үлэлии илик. Билигин «семейное тьюторство» диэн педагогика саҥа көрүҥэр иккис сылын үөрэнэн бүтэрэн эрэр.
Мин төрөппүттэрбэр соҕотох оҕо этим. Онон соҕотох оҕо буолуу хайдаҕын үчүгэйдик билэбин. 25 сааспар кэргэн ылыам, элбэх оҕолонуом диэн кичэм санаалааҕым. Ииппит аҕам, олус үтүө киһи Петр Петрович Бурнашев: «Олоҕуҥ аргыһын бэйэҥ дэриэбинэҕиттэн була сатаа. Ыраахтан кэргэн ыллахха, араас ыарахаттар үөскүөхтэрэ», – диирэ. Ону эмиэ испэр иитиэхтээбиппин быһыылаах. Биир дэриэбинэҕэ олорбут, миигиттэн алта сыл балыс кыыһы кэргэн ылбытым. Билигин куоракка олохсуйдубут.
Итэҕэл
– Саха итэҕэлин туһунан туох санаалааххын?
– Сахалар «Итэҕэлбит дьиэтэ» суох диэн, Айыы дьиэтин тутууну туруорсаллар. Ону сыыһа диэбэппин. Ол гынан баран, киһи итэҕэлэ бэйэтин иһигэр баар. Дьиҥинэн, Итэҕэл дьиэтэ наадатын, түмсүүлээх буолуохтаахпытын, норуот туһугар туох эрэ сырдыгы-кэрэни оҥоруохтаахпытын, о.д.а сыаннастары бары бэркэ билэбит. Ол эрээри, ити барыта саҥабытыгар эрэ баар. Оннук саныыр буоллаххына, баһаалыста, оҥорус ээ. Холобур, мин сирбин-уоппун аһаппатах ыйым диэн суох. Дьокуускай куораппыт биһигини хонноҕор уктан, дьиэлээн-уоттаан ыал оҥорбутугар куруук махтанабын. Доҕотторум-атастарым эмиэ олохторун араас түгэннэригэр сири-уоту аһата, көрдөһө сылдьаллар. Ити барыта бэйэбит испитигэр баар, бэйэбит ис турукпут ыйан-кэрдэн биэрэ сылдьар. Тохтуу түһэн, иһийэн истиэххэ эрэ наада.
– Оҕолоргут эмиэ эһиги үгэстэргитин тутуһа улаатан эрдэхтэрэ?
— Оҕолорбут кыралар, улахан кыыспыт 11 саастаах. Бастакы оҕобут кэнниттэн уол, кыыс, уол төрөөбүттэрэ. Сорохторго наар кыыс эбэтэр наар уол төрүүр. «Хайдах гыннахха, баҕа хоту кыыс-уол уочараттаһан төрүүллэрэ буолуой?» – диэн ыйытааччылар. Утуммутун салҕааччыларбыт барахсаттар үөһээттэн ыйыллан кэлэллэр. Ол эбэтэр, үчүгэйдик иҥэн-тоҥон көрдөһөр буоллаххына, арчылыыр-араҥаччылыыр күүс кэлэн, үрдүкү айыылар син биир истэллэр дии саныыбын.
Уол-кыыс туспа иитиллиэхтээх
– Уһуйааҥҥытыгар уолу-кыыһы тус-туһунан иитии туһатын туохха көрөҕүн?
– Бастатан туран, оҕолорго сылдьалларыгар чэпчэки. Мин саныахпар, кырачааннарбыт бэйэлэрин буллулар дии саныыбын. Уолаттары эр киһи кэлэн үөрэтэр. Оҕону-ыччаты иитэр ханнык баҕарар тэрилтэҕэ баһыйар үгүс өттө эр киһи буолуон баҕарабын.
Кэнники уонча-сүүрбэччэ сылга сиэри таһынан хамсаныылаах, биир сиргэ таба олорбот, түргэнник аралдьыйар (гиперактивнай) оҕо наһаа элбээтэ. Уон оҕоттон аҕыһа-тоҕуһа гиперактивнай буолар. Атын үйэ оҕолоро кэллэхтэрэ дии. Биирдэ эмэ кыргыттары-уолаттары холбоон көрдөхпүтүнэ, чуумпу бэйэлээхтик уруһуйдуу олорбут кыыска ол уол сүүрэн тиийэн харандааһын былдьаан, тардыалаһан барар. Кыыспыт куукулатын быраҕан, уолаттары кытта эмиэ тэҥҥэ тардыаласпытынан, сырсыбытынан киирэн барар. Уонна кэлин: «Хантан бу иирээки дьахталлар кэллилэр?» – диэн соһуйуохпут. Барытын төрдүттэн ыһан бараммыт. Уопсайынан, кыргыттар уонна уолаттар олоҕу көрүүлэрэ уратылаах. Айылҕа оннук оҥордоҕо дии.
Табылыннаҕына, быйыл оскуола арыйан, маҥнайгы кылааһы үлэлэтиэхпитин баҕарабыт. «Ийээ», «аҕаа» диэн сахалыы истиҥник саҥарар, ииппит оҕолорбутун атын сиргэ ыытан кэбиспэккэ, чөкөччү тутаммыт кылаас арыйар санаалаахпыт. Төрөппүттэрбитин да кытары биир тылы булан, өйдөһөн-өйөһөн кэллибит. Ол эрээри, ыллыбыт да оскуола аһыахпыт диэн эппэппин. Быйыл маҥнайгы, эһиил иккис кылааһы арыйар былааннаахпыт.
Тута 1-4 кылаастары арыйыахпытын сөп этэ. Ол гынан баран, ыксаабаппыт. Тоҕо диэтэххэ, бастакы кылааска хайдах учууталга түбэһэриҥ кэнники билиигэр-көрүүгэр, олоххор улахан сабыдыаллааҕын бары билэбит. Маҥнайгы кылааска үөрэтэр үчүгэй учууталы көрдөөбүппүт ыраатта. Наада буоллаҕына, хайдах эмэ гынан усулуобуйатын тэрийэн, тыа да сириттэн аҕалыахпытын баҕарабыт. Тоһоҕолоон эттэхпинэ, кылааска барыта уолаттар эрэ буолуохтара.
Үлэбит түмүгэ аны 10-15 сылынан көстүөҕэр бигэ эрэллээхпит. Ол иһин, кыра-кыралаан саҕалыыбыт. 2027 с. толору комплектаах оскуолалаах буолуохпутун баҕарабыт.
Аҕа оруола
– Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруола түспүтүн туһунан кэнники кэмҥэ элбэхтик этэр буоллубут. Эн санааҕар?
– Ити сыыһа өйдөбүл. Аҕа оруолун түһэрбэттэр. Аҕа түһэринэр буоллаҕына, бэйэтэ түһэринэр. Аҕаҕа анаан араас тэрээһиннэри (сийиэс да буоллун) оҥоруохха, тустаах дьаһаллары ылыахха сөп. Мин Ил Дархан дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаах ыйаахтарын толору өйүүбүн. Элбэх оҕолонуҥ диэбитэ – элбэх оҕолоннум, биир баартыйа иһигэр түмсүҥ диэбитэ – биир баартыйа иһигэр баарбын.
Уопсайынан, эр киһи ытанара олус куһаҕан. Эр киһиэхэ курус майгы диэн хаһан да суох буолуохтаах. Күүстээх аҥаар бу олохтон бараары да туран, төрөөбүт дойдутугар, сиригэр-уотугар, сай салгыныгар эр киһилии махтанан барыахтаах. Ол – киһилии киһи майгыта. Эр киһи айылҕа сокуонуттан туоруо суохтаах. Кини орто дойдуга оҕо төрөтөөрү, дьиэ туттаары, дьону кытары алтыһаары, айылҕаны кытта бииргэ сылдьаары кэлэр.
– Олоххо саамай улахан бэлэх туох дии саныыгын?
– Саамай улахан бэлэх – таҥараттан талааны бэлэхтэтии. Мин тойуксут буолбут аналбын таҥараттан бэлэхтэтэн олоробун. Онон орто дойдуга баарым тухары таҥараҕа махтаныахтаахпын. Айылҕа тоҕо эрэ талааннаах дьону анаан-минээн биэрэ турар. Холобур, 100 сааһын бэлиэтиир Сэмэн Данилов курдук киһи өтөрүнэн төрүө биллибэт. Айылҕа киниэхэ эмиэ талааны бэлэхтээн туран төрөттөҕө дии.
– Норуокка биллэр-көстөр уһулуччулаах дьон тыа сириттэн тахсар диэн санаа эмиэ баар ээ.
— Дьокуускай куорат баһыйар өттө тыа дьонуттан тутуллан олорор. Биһиги норуоппут модун күүстээх. Хас биирдии норуоту киһи курдук ылар буоллахха, хас биирдии саха киһитэ туох эрэ дьоҕурдаах, талааннаах. Уон саханы кэчигирэтэн туруордахха, тоҕус киһитэ эбэһээт туох эрэ талааннаах буолар. Туга да суох диэри гыммытыҥ, арай буочара наһаа үчүгэй буолар. Киһи талаана – кини көмүскэнэр күүһэ. Онон саха норуота ахсаанынан аҕыйаҕын да иһин, көмүскэнэр күүһэ куруук элбэх.
Тэлэбиисэри көрбөппүт
— Бастакы оҕоҕун үчүгэйдик ииттэххинэ, кэнники оҕолоруҥ бэйэ-бэйэлэрин эмиэ оннук иитиһэллэр. Билигин батсаап, араас социальнай ситим үйэтэ кэллэ. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ тэлэбиисэр көрбөтөхпүт сэттис сылыгар барда. Күҥҥэ көрбүт оҕолорбутун алдьатар тэрил эбит диэммит, биир үтүө күн бөх дьааһыгар таһааран уган кэбиспиппит. Ити кэмҥэ Украина айдаана саҕаламмыта. Туох да үчүгэйэ суох этэ. Информацияттан оҕо уйан дууһата, бэл улахан да киһи, алдьанар, кэбириир эбит. Улахан кыыспыт төлөпүөннээх, ол гынан баран, хааччахтыыбыт.
Дьахтар оруола
— Дьахтар орто дойдуга биир дьоло – эркин курдук эрэллээх үчүгэй эр киһиэхэ түбэһии. Кэрэ аҥаар сүүрбэ да үөрэххэ үөрэнэн, хамнастаах үлэ була сатаан, былааска тардыһа сатаан элбэҕи сүтэрэр. Биллэн турар, дьоннорун-сэргэлэрин туһугар олохторун анаабыт дьахталлар баар буолуохтаахтар, ону туох да диэбэппин. Ол гынан баран, эр киһиттэн былдьаһан туран буолуо суохтаах. Дьахтар айылҕаттан анала атын буоллаҕа дии…
Көмүскэнэр күүстээхпит
— Сайдыы түргэнник киирэ турар кэмигэр көмүскэнэр күүһү булуохпутун наада. Ол күүһү кыра оҕо эрдэҕиттэн тобулуохтаахпыт уонна сайыннарыахтаахпыт. Ийэтин-аҕатын сыаналаабат, тэпсибит оҕо хаһан да атын киһини киһинэн аахпат. Ийэтин-аҕатын оскуолатын ааспатах оҕо хайдахтаах да үлэ оскуолатын ааһара уустуктардаах. Ыал ийэлээх-аҕалаах, толору дьиэ кэргэн буолуохтаах.
Эдьиий Настаа көҥүлэ
– «Аҕам алааһа» ырыаны ыллыыргар ырыаһыт, мелодист Анастасия Варламоваттан көҥүл ылбытыҥ туһунан куруук тоһоҕолоон бэлиэтиигин.
– Мин Анастасия Варламовалыын, Эдьиий Марыыналыын алтыспытым курдук, олус чугастык билсибэккэ хаалбытым. Айар куттаах Эдьиий Настаа ааттаах-суоллаах дьоммутуттан туох да итэҕэһэ суох элбэҕи айбыт киһи буоллаҕа дии. Кини хас биирдии ырыатын хайдах баҕарар уларытан-тэлэритэн, хайдах баҕарар тыыннаан, ханнык баҕарар көлүөнэҕэ иһитиннэриэххэ сөп.
Эдьиий Настааҕа балыыһаҕа сыттаҕына эрийбитим. Билигин санаатахха, күн сириттэн күрэнэрэ олох аҕыйах күн хаалбыт эбит. «Эн «Аҕам алааһа» ырыаҕын арыый атыннык толоруохпун баҕарабын, көҥүллүөҥ дуо?» – диэн ыйыппыппар олус уйадыйбыта. «Күүстээх иэйииттэн, истиҥ санааттан айыллыбыт ырыа. Оҕом эрэ буолларгын, ханна да тиийдэргин, былаах оҥостон куруук ыллыы сылдьар буолаар дуу», – диэбитэ. Билигин ханна да тиийдэрбин, кэнсиэрпин «Аҕам алааһыттан» саҕалыыбын.
ЫСПЫРААПКА:
1996 с. Уус Алдан улууһун Кэптэни с. Лөгөй орто оскуолатын бүтэрбитэ.
2001 с. СГУ культурологияҕа факультетын бүтэрбитэ.
2001-2004 сс. Турцияҕа Анкара судаарыстыбаннай университетыгар экономист идэтигэр үөрэммитэ.
2008 с. Байкаллааҕы судаарыстыбаннай университекка экономика уонна быраап үөрэҕин ылбыта.
2013 с. РФ Президенин иһинэн норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа Арассыыйатааҕы академиятыгар үөрэммитэ.
2012 с. – «СӨ үтүөлээх артыыһа» ааты ылбыта, Уус Алдан улууһун бочуоттаах гражданина буолбута.
Кэргэннээх, биэс оҕолоох.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Эҕэрдэлиибит
Бурнашевтар дьиэ кэргэн бэһис төгүлүн оҕоломмуттарынан эрэдээксийэ аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Сир үрдүгэр баар бары кэрэни, үтүөнү баҕарабыт.