Биэс оҕо Борис Щукин аатынан институкка үөрэххэ киирдэ

Ааптар: 
06.08.2020
Бөлөххө киир:

Евгений Вахтангов аатынан судаарыстыбаннай академическай тыйаатыр иһинэн үлэлиир Борис Щукин аатынан институкка тус сыаллаах миэстэҕэ аан бастакытын Саха сириттэн биэс миэстэ көрүлүннэ.

edersaas.ru

Быйылгы сылга маҥнайгынан устудьуон аатын сүкпүт оҕолор СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнайы, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Марина Силинаны, А.С. Пушкин аатынан Нуучча тыйаатырын дириэктэрэ Александр Лобановы, туһааннаах министиэристибэлэр тус сыаллаах үөрэххэ быһаччы эппиэттээх исписэлиистэрин кытта көрүстүлэр.

Михаил Присяжнай иһитиннэрбитинэн, быйыл СӨ бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн, өрөспүүбүлүкэ тас өттүнээҕи 13 үрдүк үөрэҕин кыһатыгар 170 бүддьүөт миэстэтэ доруобуйа харыстабылын салаатыгар анаммыт. “Быйыл өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр 9 эйгэҕэ анаммыт бырайыагынан оҕолор үөрэххэ киирэллэр. Борис Щукин аатынан институкка бүддьүөттэн көрүллүбүт курдук кыра, ураты бырайыактар эмиэ бааллар. Оҕолор дойду биир кырдьаҕас, тыйаатыр үлэһиттэрин анаан бэлэмниир үөрэҕин кыһатыгар үөрэниэхтэрэ. Талааннаах оҕолору сүүмэрдээһин бэйэтэ туспа ирдэбиллээх. Талааннаахтарын ааһан чопчу оруолларга сөп түбэһэр оҕолору талаллар”, — диэн иһитиннэрэр.

Оҕо үөрэххэ киирэрэ төрөппүккэ эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ үөрүүлээх. Эһиги, биһиэхэ улахан суолталааххыт. Үөрэххитин бүтэрдэххитинэ Саха сирин биир кырдьаҕас тыйаатырыгар кэлэн үлэлиэххит”, — диэн оҕолорго туһаайан баҕа санаатын тиэртэ, ситиһиилэри баҕарда.

Нуучча тыйаатырыгар Щукин аатынан институту урукку сылларга бүтэрбит дьонтон 2 артыыс үлэлиир эбит. Онтон тустаах үөрэх тэрилтэтигэр тус сыаллаах миэстэнэн анаан үөрэтиигэ аан бастакы сүүмэрдээһин буолбут. Санатан эттэххэ, былырыын Щепкин аатынан тыйаатыр училищетыгар 23 оҕо үөрэххэ киирбитэ. Кинилэр үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ Саха тыйаатырыгар, Ньурба, уо.д.а. тыйаатырдарга үлэлиэхтээхтэр. Онтон быйылгылар – А.С. Пушкин аатынан Нуучча судаарыстыбаннай драматическай тыйаатырыгар.

Култуураҕа сыһыаннаах, оскуола иһинээҕи сыаҥкаларга оонньообут оҕолор диэх курдук, сытыылар-хотуулар, иҥнэн-толлон турбаттар. Дьокуускай куорат 9-с нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрбит Анастасия Аверина: “2016 сыллаахха “Очи черные” испэктээги көрөн баран артыыс буолар бигэ санааны ылыммытым. Ити күнтэн ыла тыйаатыр сыанатыгар бэйэм артыыс быһыытынан оонньуу сылдьарбын харахпар оҥорон көрөр буолбутум. Дойду тарбахха баттанар кыһатыгар киирбиппиттэн олус үөрэбин. Куонкуруска хоһоон, басня аахпыппыт, ырыа ыллаабыппыт, кэпсээбиппит. Ол кэнниттэн институкка видеоларбытын ыыталаабыппыт”, — диэн санаатын үллэстэр. Онтон 27-с нүөмэрдээх оскуоланы бүтэрбит Мария Карнышева букатын кыра эрдэҕиттэн артыыс буолар баҕа санаалаах эбит. “Кэлин оскуолабытыгар “Актер маастарыстыбата” диэн устуудьуйа аһыллыбыта. Дьиҥнээх арытыыс да буолбатарбын, бастакы холонууларым этэ. Икки сыл туттарсан көрбүтүм даҕаны, кыайан киирбэтэҕим. Сыллата күүскэ бэлэмнэммитим. Быйыл табыллыбытыттан олус үөрдүм”, — диэн кэпсиир. Кыргыттар үөрэхтэрин бүтэрэн дойдуларыгар төннөн култуура эйгэтин бөҕөргөтөр санаалаахтар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0