Федеральнай авиационнай быраабылаҕа олоҕуран, чугастааҕы кэмҥэ сөмөлүөккэ тутуур таһаҕас быһыытынан буор-босхо дьахтар суумкатын, бартыбыалы, кинигэни, суотабай төлөпүөнү, видеокамераны, торуосканы, тас таҥаһы эрэ илдьэ киирэр кыахтаныахпыт. Мантан атын таһаҕас төлөбүрдэниэ.
Федеральнай авиационнай быраабылаҕа уларытыылары киллэрии туһунан бырайыагы дьүүллэһии Федерация Сэбиэтин пленарнай мунньаҕар улахан мөккүөрү таһаарда. Билигин таһаҕас төлөбүрэ билиэт сыанатыгар киирэ сылдьар. Ол эрээри сорох авиа-хампаанньалар эконом-кылааска уонна төннөрүллүбэт билиэккэ сыаналарын арыый да түһэрэн баран, таһаҕас төлөбүрүн туспа төлөттөрбүттэрэ ыраатта.
Бырайыак олоххо киирдэҕинэ, тутуур таһаҕас быһыытынан сөмөлүөккэ босхо биэс киилэҕэ диэри ыйааһыннаах суумка эрэ көҥүллэниэҕин туһунан «Российская газета» суруйар.
Билигин «Аэрофлот», «S7», “ЮТэйр» авиа-хампаанньаларга тутуур таһаҕас 10 киилэҕэ диэри көҥүллэнэр.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1