Биэс федеральнай миниистири солбуйбут Алексей Томтосов

18.10.2017
Бөлөххө киир:

Алексей Томтосов – биллэр судаарыстыбаннай деятель, учуонай, Москваҕа биэс федеральнай миниистиргэ солбуйааччынан үлэлээбит салайааччы, соторутааҕыта 75 сааһын туолла. Кини бэйэтин кэмин биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, ураты дьылҕалаах киһи. Туохха барытыгар туспа көрүүлэрдээх, көҥүл санаалаах, ыарахаттартан толлубат майгылаах. Дьокуускай к. дьаһалтатын, өрөспүүбүлүкэни салайсыбыт, элбэх көлүөнэ салайааччыны иитэн таһаарбыт киһи буолар. Кини хайдах хатарыллан, иитиллэн тахсыбытын туһунан “Саха сирин” ааҕааччыларыгар анаан кэпсээтэ.

edersaas.ru

Өрүү эдэрдии эрчимнээх, олоххо көхтөөх, сытыы толкуйдаах, ураты көрүүлээх…

“Дебильнэй” оҕо

— Алексей Александрович, оҕо сааһыҥ умнуллубат түгэнэ туох этэй?

— Төрөппүттэрим Тааттаттан төрүттээхтэр. Аҕам Туора Күөлгэ 10 сааһыгар тулаайах хаалан, ыалга хамначчыттаабыт, үөрэммэккэ хаалбыт. Онтон Мэҥэ Алдаҥҥа тии­йэн холкуоска сылгыһытынан, комбайнерынан үлэлээбит. Бастакы кэргэнэ, оҕото өлөн хаалбыттар, иккис кэргэнэ арахсан барбыт. Онтон, дьэ, ийэбин, Чымынаайыттан төрүттээх 18-таах Агриппина кыыһы кэргэн ылбыт.

Олох ыараханыттан буоллаҕа, кыра оҕолордоох ыал Ааллаах Үүҥҥэ, бириискэҕэ үлэлии көспүт­тэр. Онно чох, көмүс хостоноро, олохтоох дьон эрэ табанан, атынан Дьугдьуур сис хайаларын туораан, таһаҕас тиэ­йэр кыахтаахтара. Онон Погодаевтар диэн эбэҥкилэри кытары ыаллаһан, балааккаҕа олорорбут. ГУЛАГ лааҕыра баар буолан, хаайыылаахтар, көһөрүллүбүт хаа­маайы дьон элбэх­тэрэ. Ыттаах, саалаах, кэтэнэн хоноҕун. Суол аттыгар олорор кутталлаах, онон хайа тэллэҕэр, ойуур иһигэр балааккабытын туруорарбыт. Оскуолаҕа сылдьарбар анаан аҕам миэхэ бэлисипиэт атыыласпытын умнубаппын. Кимиэхэ да суоҕа, ол кэннэ уолаттар ымсыыран, төрөппүттэрин хаайан, ылларбыттара.

Сүөһүлээх буоламмыт, сайыны быһа оттоон, кирпииччэ үктээн, үлэҕэ кырабыттан миккиллэн улааппытым. Ол туһалаах эбит, тулуурдаах, үлэһит буоларга ииппитэ. Кэлин туох эрэ дьыалаҕа ылыстым да, сууккаҕа сүүрбэлии чаас үлэлиирбэр олук уурбута.

Мин оскуолаҕа киирэрбэр Дьабарыкы Хайаҕа олорбуппут. Сахалыы, эбэҥкилии булкуйан саҥарарым, нууччалыы букатын билбэт этим. Кылааспыт интернациональнай этэ. Нууччалыы билбэппит­тэн сылтаан, миигин “дебильный” диэн дьаралыктаан, коррекционнай оскуолаҕа ыытаары гыммыттара. Төрөппүттэрим кэпсэтэн, ыыппатахтара буолан баран, кылааска иккис сылын хаалларбыттара. Ол гынан, 4-с кылааска тиийэн “троечник”, 6-ка – “хорошист” буолбутум, оскуоланы биир “4”-тээх кырылас “5”-нэн бүтэрбитим. Уопсастыбаннай үлэҕэ улаханнык кыттыбакка, хайыһарынан, боксанан дьарыктанарым.

Аармыйа оскуолата

— Аармыйаҕа чааскар соҕотох саха этиҥ дуо?

— Тиихэй акыйаан флотугар сулууспалаабытым. Сахалар суохтара. Бастаан түүннэри хортуоска хастатан, күнү быһа сүүрдэн-көтүтэн, ыарырҕатыах курдук буоллум. Онтон “ким үчүгэйдик суруйарый?” диэн ыйыппыттарыгар, тылланным. Мунньах боротокуолун хос уһултара биэрдилэр. Мин сарсыарда 6 чааска диэри олорон, ­хаста да уһуллум, эбэн-сабан суруйдум. Сотору буолаат, ыстаапка полковник ыҥыртаран ылла. Ол кэннэ хортуоска хастаан бүппүтүм, ырай олоҕо саҕаламмыта. Суруксутунан, хомсомуол инструкторынан ылбыттара. Бибилэтиэкэҕэ олорон тас дойдулар бэлиитикэлэрин, английскай тылы үөрэтэн, политотделга дьарыктары ыытарым. Онтон тас дойдуларга контрпропаганда инструктордарын бэлэмниир кистэлэҥ куурустарга үөрэппиттэрэ. Ол эрээри, Хрущев быһаарыытынан, ол куу­рустары тохтотон кэбиспиттэрэ.

Политотделга үлэлии сырыттахпына, баартыйаҕа ылбыттара. Полковнигы кытары атын дойдуларга командировкаларга сылдьарым. Хамнас төлөнөрө, кэлэрбэр мунньуллан 1700 солк. буолбут этэ. Оччолорго буолунай харчы, онон туруору таҥныбытым, дьоммор көмөлөспүтүм. Онон аармыйаҕа сулууспам эргиччи туһалаах, олохпор биир суолталаах олугунан буолбута.

Хомсомуол оскуолата үгүс эрэллээх доҕоттору бэлэхтээбитэ.

Устудьуоннар лидердэрэ

 

— Онтон, дьэ, университекка уопсастыбаннай олох күөстүү оргуйдаҕа…

—  2-с кууруска үөрэх кыһатын хомсомуол кэмитиэтин сэкирэтээринэн талбыттара. Бастакы кууруска киирээт, мас куорпустар усулуобуйалара куһаҕанын, үгүс субуотунньук, хортуоска хостооһуна үөрэххэ мэһэйдиирин, о.д.а. аһаҕастык кириитикэлиирим. Байыаннай чааска эмиэ оннук кириитикэлии үөрэммит буолан, сытыы-хотуу этим. Кэлин өйдөөтөхпүнэ, полковник кынатын анныгар сылдьыбыт буолан, тулуйаллар эбит. Университекка да өйөөбүттэрэ. Ректор Иннокентий Поповка махтана саныыбын.

Бу устудьуоннаабыт сылларбар үйэм тухары эрэллээх доҕотторбун уонна олоҕум аргыһын Любаны көрсүбүтүм миэхэ дьылҕам бэлэҕэ дии саныыбын…

Алексей Томтосов улахан салайааччылары кытары үгүстүк алтыспыта.

Анжела Дэвис хайдах көмөлөспүтэй

— Ленинградтааҕы университет аспирантуратыгар афроамериканецтар бырааптарын көмүскээччи Мартин Лютер Кинг туһунан диссертациябын 2 ый иһинэн, сарсыарда эрдэттэн хойукка диэри үлэлээн, болдьоҕор бүтэрбитим. Биир оппоненым Фурсенко (билиҥҥи миниистир аҕата) этэ. Ситиһиилээхтик көмүскээн, американистар ортолоругар саамай эдэр учуонай буолбутум.

Обкомол сэкирэтээринэн үлэлии сырыттахпына, миэхэ Анжела Дэвис көмөлөһөн турардаах. 1973 с. Берлиҥҥэ ыччат бэстибээлигэр оччолорго аан дойдуга саамай биллэр американка Анжела Дэвис сэбиэскэй ыччаты кытары көрсүбүтэ. Кини хаайыыттан саҥа босхоломмут этэ. Бастакы  эрээккэ олорбутум, туран, уоттаах-төлөннөөх тыл эппитим. Саала ытыс тыаһынан хабылла түспүтэ, арай көрдөхпүнэ, Анжела куудара баттаҕа өрүкүйэн, миэхэ иһэр, кэлэн кууһан ылбыта, ытамньыйбыт этэ. Ол кэннит­тэн сэбиэскэй ыччакка “сулус” буола түспүтүм. Тас дойдуларга дэлэгээссийэлэри салайан илдьэр буолбутум. Латинскай Америкаҕа, Японияҕа ыччат бэстибээлигэр дойду дэлэгээсси­йэтин салайан илдьибитим. Сэбиэскэй кэмҥэ Америкаҕа уон төгүл сылдьан турабын.

А.А.Томтосов обком I сэкирэтээринэн талылла сылдьыбыта, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ. 

“Табыгаһа суох” киһи

 

— Киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор дуу, туох эрэ көмөлөһөр, арыаллыыр күүс баар дуу?

— Дьэ, бу киитэрэй ыйытыы. Мин төһө да сэбиэскэй кэмҥэ иитилиннэрбин, чопчу Иисус баар диэн итэҕэйбэт да буолларбын, Үрдүкү күүс, Таҥара баарыгар итэҕэйэбин. Мин олохпор баат, табыллыы баара. Ол аармыйаҕа, университекка, аспирантураҕа, хомсомуолга да мин дьылҕабар оруоллаах, үтүөкэн дьон сөптөөх кэмҥэ көстөн ааспыттарыгар баар. Холобур, полковнигы, Анжела Дэвиһи да ылан көр. Дьиҥинэн, мин салайааччыларга баар итэҕэһи хорсуннук, аһаҕастык этэр, атын көрүүлээх, “табыгаһа суох” киһи этим. Арай, өрөспүүбүлүкэ баһылыга Гавриил Чиряев эдэр киһини таба көрөн, өйөөбүтэ.

 

75 сааһын туолар үбүлүөйүн СӨ бырабыыталыстыбата Дьокуускайга уонна Москваҕа киэҥник бэлиэтээтэ.

Киэн туттуу

 

— Саамай тугунан киэн туттаҕыный?

— Урукку “оскуола-производство-вуз” хамсааһыны тохтоппуппунан. Обкомол сэкирэтээрэ киһи, Чиряевка киирэн, итини утарарбын эппитим. Чиряев: “Бу хамсааһыны эн саҕалаабатаҕыҥ, эн сабыаҥ суоҕа”, — диэтэ. Онуоха: “Эн кыыһыҥ ыанньыксыттыы  барар дуо?” — диэтим. Кытаран хаалла уонна: “Толкуйдуохпут”, — диэн буолла. Чахчыта, хотоҥҥо партийнай үлэһиттэр оҕолоро буолбакка, боростуой тыа сирин оҕолоро эрэ үлэлии бараллара. Үгүстэр үөрэхтэммэккэ хаалаллара, кыргыттар доруобуйалара да айгырыыра.

Алексей Александрович куруук санаатын аһаҕастык этэр, туруорсар идэлээх

«Кураанах» дьону өйөөбүтүн кэмсинэр

— Үлэбиттэн уурайар буоллум диэн сырыттахпына, Чиряев ыҥыртаран ылла уонна: “Сөпкө этэр эбиккин. Бырабыыталыстыба уурааҕын барылын суруй”, — диэн буолла. Онон ити хамсааһыны тохтотон турабыт. Саха ыччатыгар оҥорбут өҥөм ити буолуо дии саныыбын. Үөҕэр да дьон бааллар – ол үөрэх, таһым тиийбэтиттэн диибин. Биллэн турар, элбэх сыыһаны да оҥорбутум ханна барыай. Биир үксүн “кураанах” дьону өйөөбүтүм, үөһэ таһаарбытым…

Кэргэним Любовь Федоровнаны кытта 52 сыл бииргэ олордубут. Кини мин бигэ тыылым, эрэллээх доҕорум. Доҕорбут Артур Чилингаров биир үбүлүөйбэр кэлэн: ”Спасибо, что Алешу сохранил”, — диэн Любаҕа махтанан турардаах. Икки уол оҕону иитэн улаатыннардыбыт. Сиэннэрбит, ыппыт Барни – күннэтэ дьолу бэлэхтиир күннэрбит. Киһиэхэ чугас дьонуттан ордук күндү суох. Киһи сааһыран истэҕин аайы, ону сыаналыыра, өйдүүрэ улаатан иһэр.

Олоҕун эрэллээх аргыһа Любовь Федоровнаны кытта 52 сыл бииргэ. 

Ыспыраапка

Томтосов Алексей Александрович

1942 с. Уус Маайа оройуонун Ааллаах Үүн с. оробуочай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.

1964-68 сс. — устудьуон, СГУ хомсомуол кэмитиэтин сэкирэтээрэ.

1968-71 сс. – Ленинградтааҕы университет аспирана. АХШ-ка стажировкаламмыта, историческай наука кандидата.

1972-79 сс. – ЫБСЛКС Саха сиринээҕи уобаластааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ. ЫБСЛКС Киин кэмитиэтин чилиэнэ.

1972-79 сс. – САССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата.

1980-89 сс. – ССКП обкомун салааларын салайбыта. Обком бастакы сэкирэтээринэн талылла сылдьыбыта.

1989-91 сс. – ССКП Киин кэмитиэтин инструктора, национальнай бэлиитикэ отделын референэ. Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар ассоциацияларын тэрийсибитэ.

1991-93 сс. – МИД Дипломатическай академиятын докторана. Москваҕа “Якутский дом” общинаны тэрийсибитэ.

1993-96 сс. – Дьокуускай к. мэрэ, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.

1996-2002 сс. – РФ национальнай, миграционнай бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы.

2002-2010 сс. – Этносоциальнай кыһалҕалар институттарын дириэктэрин солбуйааччы (Москва).

2010 с. ХИФУ проректора, 2016 сылтан ректор сүбэһитэ. СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Бочуот Знага» уордьан кавалера, М.К.Аммосов аатынан судаарыстыбаннай тутууга СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.

Кэргэннээх, икки оҕолоох, сиэннэрдээх.

Сэмсэ тыл

Иннокентий Сивцев, и.н.к., ХИФУ профессора:

— Алексей Томтосовы эпоха киһитэ диэн этиэххэ сөп. Ааспыт үйэ ортотуттан араас түһүүлээх-тахсыылаах,  судургута суох событиеларга кини куруутун инники күөҥҥэ сылдьыбыта, 70-с сылларга саха ыччатын дьиҥнээх лидерэ этэ. Федеральнай таһымнаах салайааччыга тиийэ үүммүтэ. Хомуньуус баартыйатын саамай үрдүкү уорганыгар — Киин кэмитиэккэ үлэлээбит киһи кэнники кэмҥэ сахаҕа суох. Кини РФ миниистирин солбуйааччынан үлэлиир кэмигэр биэс миниистир уларыйбыта.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Рената Бродникова түһэриитэ уонна А.Томтосов архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0