Биэриилэрэ норуокка биһирэнэр мэлдьитин

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Аан дойдуга тэлэбиидэнньэ күнэ. Тэлэбиисэри көрбөт, тэлэбиисэрэ суох диэн ыал суох.
Саха киһитэ барыта билэр, биэриилэрин сэҥээрэр, сахалыы тыллаах, тыыннаах «Саха» НКИХ тэлэбиидэнньэтин үлэһиттэригэр барыларыгар эҕэрдэ буолуохтун!

КЭРЭ КИҺИ

/»САХА» НКИХ суруналыыһыгар Белоусов Георгийга ананар/

Белоусов Георгий
Саха кэрэ киһитэ,
Тэлэбиисэр экэрээнин
Чахчы-чахчы киэргэтэр.

Ол да буоллар кинини
Киэргэл курдук көрбөппүн,
Бэрээдэгэ, мэйиитэ
Миэстэтигэр дьэ чахчы.

Биэриилэрэ норуокка
Биһирэнэр мэлдьитин,
Тугу хайдах тиэрдэрэ
Тута ХАРАХ ДАЛЫГАР.

«Саҥа күнү» саҕалыы,
«Өркөн өйү» тургутуу,
«Сэһэн сирин» сэҥээрии —
Георгийы көрөөһүн.

Дьонтон «СУЛУС» таһаарыы,
«Көмүс түгэн» тутааһын —
Ити кини толкуйа,
Дьону түмэ тардыыта.

Арай кини космонавт
Буолта буоллар олоҕор
Икки кэрэ мичээри
Билиэ этэ Аан дойду!

Полина-Победа
Уус-Алдан

Хаартыска: sostav.ua ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0