Биэрэпискэ Саха сирэ бастаан иһэр

Бөлөххө киир:

Саха сирэ биэрэпиһи ыытыыга саамай көхтөөх эрэгийиэн быһыытынан билиннэ. Бастакы нэдиэлэ түмүгүнэн, нэһилиэнньэ 23%-на биэрэпискэ кытынна.

Арассыыйа үрдүнэн бастакы нэдиэлэҕэ 14 мөлүйүөн киһи биэрэпискэ кытынна, ол онтон 11 мөлүйүөн киһи — “Госуслуги” портал нөҥүө. Портал нөҥүө биэрэпис аан бастаан ыытыллар, ол үрдүнэн, үлэтигэр тохтобул, кэһиллии тахсыбата. Онон портал нөҥүө биэрэпиһи ыытыыны сэтинньи 14 күнүгэр диэри уһатарга былаанныыллар. Ону тэҥэ, МФЦ-га эмиэ биэрэпиһи ааһыахха сөп.

Саха сиригэр нэһилиэнньэ 23%-на, Тульскай уобаласка – 21%, Крымҥа – 19,6%-на биэрэпистэнэн, бу эрэгийиэннэр бастаан иһэллэр.

Биэрэпис куттала суох ыытылларын хааччыйаллар. Ол курдук, “Госуслуги” нөҥүө толоруллубут информация порталга хаалбат, “Росстатка” сабыылаах ханаалынан баран иһэр. Онон респондент бэйэтин туһунан тугу суруйбутун ким да билбэт.

Арассыыйаҕа сэтинньи саҥатыгар өрөбүл күннэр биллэриллибиттэрэ биэрэпис хаамыытыгар мэһэйдээбэт. Төттөрүтүн, дьон дьиэлэригэр олороллоро ордук табыгастаах. Ол эрээри, киһи бэйэтэ портал нөҥүө толороро өссө ордук. Оттон биэрэпиһи суруйааччылар бары харыстанар миэрэлэри тутуһаллар, нэдиэлэ ахсын ПЦР анаалыһы туттараллар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0