Биэрэпис: муус устардааҕы түһүмэх түмүктэннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сирин ыраах сытар сирдэригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы  нэһилиэнньэ биэрэпиһин ыытыы түмүктэннэ.

Муус устар 29 күнүнээҕи чахчынан, 45045 киһи биэрэпискэ хабылынна. Ол эбэтэр муус устарга биэрэпискэ хабыллара былааннаммыт нэһилиэнньэ 94,1%-на кыттыыны ылла. Бу туһунан СИА-ҕа Сахастат  иһитиннэрдэ. Биллэн турар, уопсай түмүк тахсара ыраах. Тэрээһиҥҥэ кыттыбакка хаалбыт ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторо
2021 сыл күһүнүгэр ыытыллар нэһилиэнньэ биэрэпиһигэр кыттыыны ылыахтара. Ким баҕалаах судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорор порталга киирэн, биэрэпис электроннай лииһин толоруохтарын сөп.

Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ» хаһыат, edersaas ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0