Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ Мария Лукина биэрэһи, баклажаны олордууга сүбэлэрин ааҕыаҕыҥ.
Биэрэс суортара
Биэрэһи олунньуттан кулун тутар 20 күнүгэр диэри олордуллар, ити кэми баттаспатахпытына хойутуубут. Саха сиригэр эрдэ ситэр суортары талан үүннэрэр ордук. Аҥаардас арассаадата 75-80 күн буолар. Мантан салгыы Саха сиригэр олордорго табыгастаах биэрэс суортарын ырытыахха.
Оранжевое чудо Р
“Оранжевое чудо Р” быгыаҕыттан аһа улаатыар диэри 103-110 хонук барар. Халыҥа 5-7 см тэҥнэһэр. Бөдөҥ, төгүрүктүҥү астаах гибрид, ыарыылары тулуйумтуо. Аһын ыйааһына 230-250 г буолар, минньигэс. Бу суорт салаакка, кэнсиэрбэҕэ барсар. Хаххалаах сиргэ, парникка олордор ордук. Аһаҕас сиргэ олордор түгэннэригэр булгуччу кэнниттэн, ойоҕоһуттан бүрүйэр ирдэнэр.
Калифорнийское чудо
Бу Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыт суорт. Ортотук ситэр (среднеспелый), 100-129 хонуктаах, 67 см үрдүктээх, кыһыл өҥнөөх, бөдөҥ, эттээх, ньолбоҕордуҥу быһыылаах. Үрдүк үүнүүнү биэрэр, 1 кв.м. 8-10 киилэ биэрэһи ылыахха сөп.
1 кв.м. үс-түөрт угу олордуллар. Аһын уһуна 10-12 см, ортотунан 160 г ыйааһыннаах.
Биһиэхэ ыам ыйыгар, бэс ыйыгар, сайыҥҥы да кэмнэргэ сорох сирдэринэн түүнүн тымныйар, күнүһүн олус сылыйар. Бу суорт салгын маннык хамсааһынын тулуйумтуо. Хаххалаах да соҕус сиргэ үүнүүтүн син биир биэрэр. Ыарыылары тулуйумтуо, арассаадатын хонуга 60-70 күн. Кэнсиэрбэлииргэ ордук барсар.
Винни-пух
Бу олох эрдэ ситэр суорт. Ортотунан 105-110 хонуктаах. Намыһах уктаах, 25-35 см үрдүктээх, аҕыйах сэбирдэхтээх. Ол иһин 1 кв.м. 8-10 устуука угу олордуохха сөп. Аһа хараҥа кыһыл өҥнөөх, чараас хахтаах, 50-70 г буолар. Биир кв.м. ортотунан 2-4 киилэни биэрэр. Ыарыылары тулуйумтуо, минньигэс астаах, салаакка уонна кэнсиэрбэлииргэ барсар, тоҥоруохха да сөп.
Ласточка
Эрдэ ситэр суорт, үрдүк үүнүүлээх, 106-120 хонуктаах. Үрдүгэ 48-50 см диэри уһуур, конустуҥу, халтархай тастаах быһыылаах, 1 кв.м. 2,5-4,7 кг аһы биэрэр, ыйааһына 50-90 г буолар. Аһаҕас оҕуруот сиригэр үүннэриллэр, киэһэтин үрдүнэн бүрүйүөххэ сөп. Сибиэһэйдии хаһааныыга уһуннук барар, кэнсиэрбэлиэххэ эмиэ сөп.
Подарок Молдовы
Ортокутук ситэр сорт, 125-136 хонуктаах, 40-50 см үрдүктээх, аһын ыйааһына 100-120 г, конустуҥу, уһун ньолбуһах быһыылаах. Аһаҕас оҕуруот сиригэр үүннэриллэр, минньигэс амтаннаах. Салаакка, кэнсиэрбэҕэ табыгастаах.
Здоровье
Бу олох эрдэ ситэр суорт, 78-80 хонуктаах, эмиэ аһаҕас оҕуруот сиригэр үүннэриллэр. Орто сэбирдэхтээх, 1 миэтэрэҕэ диэри үрдүктээх, ол иһин баайар ирдэнэр, эбии аһатыыны эрэйэр. Ньолбоҕордуҥу быһыылаах. Аһын ыйааһына 50-70 г, амтана олус минньигэс, хаххалаах да сиргэ олортоххо үрдүк үүнүүнү биэрэр. Биир укка ортотунан 15 устуука үүнэр, ыарыылары тулуйумтуо. Сибиэһэйдии хаһааныыга, салаакка, кэнсиэрбэҕэ барсар. Салгыы баклажан аҕыйах көрүҥүн ырытан көрүөххэйиҥ.
Баклажан суортара
Фиолетовое чудо
Бу эрдэ ситэр суорт, олох элбэх астаах гибрид, хараҥа күөхтүҥү чэриниилэ өҥнөөх, килэккэй хахтаах, ньолбоҕор быһыылаах, аһа кытаанах эттээх, ньулуун амтаннаах. Кирээдэҕэ олордуллар, түүнүн хайаан да сабыллар.
Карликовый ранний-921
Бу намыһах уктаах баклажан, 50 см үрдүктээх, эрдэ ситэр, өлгөмнүк астанар суорт. Аһа хараҥатыҥы чэрэниилэ өҥнөөх, модьу, суптугур быһыылаах. Ыйааһына 200 г тиийиэн сөп.
Блэк бьюти
Эрдэ ситэр суортартан биирдэстэрэ, үүннэрэргэ талымаһа суох, ыарыыны тулуйумтуо, өлгөм астаах. Аһа чэрэниилэ күөх өҥнөөх, бөдөҥ, ыйааһына 700-900 г буолар. Этэ сымнаҕас уонна минньигэс, ыһаарыга уонна кэнсиэрбэҕэ барсарын иһин кэлин хото олордор буолан эрэллэр.
Биэрэс, баклажан буорун бэлэмнээһин
Модьутаҕа, доруобай арассааданы үүннэрэргэ буор нүөл буолуохтаах. Биэрэс, баклажан үүнэр буордара биир. Буор састааба:
— кырыс буор эбэтэр оҕуруот буора 1 чааһа
— кунус эбэтэр туорпа 1 чааһа
— кумах эбэтэр ымыйбыт эрбии көөбүлэ 2/1 чааһа
Биир 10 л биэдэрэҕэ эбии аһатыы эбэҕит:
— 1 ост. ньуоска мас күлүн
— 1 ост. ньуоска суперфосфат (минеральнай удобрение)
Ыарыылар уонна үөн-көйүүр буулаабатын туһугар буору эмтээһин, бэлэмнээһин
Бэйэ да бэлэмнээбит, маҕаһыынтан даҕаны атыылаһыллыбыт буору хайаан даҕаны эмтиир ирдэнэр. Ол туһугар микроволновкаҕа, духовкаҕа 20 мүнүүтэ туруоруллар. Ити кыаллыбат буоллаҕына оргуйбут 80° C итии уунан кутуллар (обработка), ону тэҥэ борнай кислотаны туттуохха сөп. Борнай кислотаны (10 гр) 10 лиитирэ көннөрү сылаас ууга суурайыллар. Ол кэннэ фитоспоринынан эбэтэр арыый кыһыллыҥы өҥнөөх марганцовканан ыстарыллар. Балар оннуларыгар меднэй купороһу эмиэ туһаналлар.
Үүнээйи буорун үстүү сыл буола-буола уларытар ирдэнэр. Сылгы сааҕын парникка сылааһы туттун диэн түгэҕэр, буор анныгар кутуллар. Сылгы сааҕа икки ыйынан номнуо ноһуом буолар. Оҕуруот сиригэр кутуллубут ынах балбааҕа бытарытыллыбытын да үрдүнэн биэс сылынан биирдэ үчүгэй ноһуом буолар. Ол иһин ноһуому балбааҕынан оҕуруот сиригэр сыл аайы кутуҥ диэн сүбэлиибит. Арай, сибиэһэй ноһуому кытта элбэх сыыс от уонна ыарыы киирсэр. Ол иһин буору сыл аайы меднэй купороһунан, борнай кислотанан эбэтэр фитоспоринынан хайаан даҕаны ыстарар наада.
Оҕуруот сирин күһүн булгуччу түөрэр ирдэнэр. Бу үрдүнэн меднэй купороһу ыһыллар. Саас буору дэлби буккуйуллар уонна фитоспоринынан ыстарыллар.
Арассааданы көрүү-харайыы
Арассааданы, холобур, биэрэһи иккис дьиҥнээх сэбирдэҕэ тахсыбытын кэннэ иһиттэринэн көһөрүллэр. Ол хонуга 30-35 күнүнэн буолар. Бу кэмҥэ иккилии өлүү сэбирдэхтэннэҕинэ сырдыктан бэйэтэ аһаабытынан барыа (фотосинтез). Маныаха диэри салгын температурата 20-25° C буолуохтаах. Иһиттэргэ көһөртөөн баран алтыс-сэттис күнүттэн температуратын булгуччу кыччатыллыахтаах (+15-17°C). Тоҕо диэтэххэ, биэрэс уһуннук арассаадалыыр. Аһара үүммэтин уонна умнаһа модьураатын диэн бытаардан биэрэбит. Элбэх оҕуруотчут маны тутуспат буолан арассаадаларын уһатан кэбиһэллэр. Таһырдьа олордо таһаарарбыт саҕана температуратын аны 24 °C диэри сыыйа улаатыннарабыт. Түүнүн 14-16 °C буолуохтаах.
Биэрэс олус элбэх ууну сөбүлээбэт. Дьиэ температуратын курдук сылаас ууну нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ ыстарыллар. Тымныы ууттан биэрэс ыарытыйар. Оттон кыраан уутун туттар буоллахха, булгуччу күн устата туруоран баран кутуллар.
Арассааданы онус-уон иккис хонугар биирдэ кыратык эбии аһатыллар. Биэрэс ортотунан 8-12 сэбирдэҕэ тахсыбытын кэннэ таһырдьа көһөрүллэр.
Ханнык баҕарар үүннээйини көһөрдөххө, таһырдьа таһаардахха истириэстиир. Эбэтэр эрдэ көһөрөн хаһыҥҥа хаарыйтараллар. Маныаха “Эпин” эбэтэр “Циркон” диэн регулятордары туһаныллар, нуормата ыйылла сылдьар.
Биэрэһи моркуоп, хаппыыста, сүбүөкүлэ үүммүт буоругар олордор табыгастаах. Өрүү биир сиргэ олортоххо, ыарыыта элбиир, буора эргэрэр. Ол иһин оҕуруот аһын миэстэтин уларыта сылдьар ордук.
Биэрэһи икки умнаһынан үүннэрэр табыгастаах. Умнаһа олус уһаары гыннаҕына, төбөтүн быһан бэриллэр. Оччоҕо элбэх аһы биэрэр. Элбэх умнаһы ыытар түгэҥҥэ, умнас аайы үстүү сэбирдэх сибэккилээҕи хааллараҕыт, атыттарын эмиэ төбөлөрүн бысталыыр ордук.
Эбии аһатыы
Үүнээйи иккис дьиҥнээх сэбирдэҕэ тахсыбытын кэннэ, иһиккэ көһөрөн баран, быһа холуйан 5-7 хонон баран эбии аһатан саҕалыыр наада. Атын иһиккэ көһөрбөт буоллаххытына, үһүс сэбирдэҕиттэн саҕалаан аһатыллар. Иккис дьиҥнээх сэбирдэҕэ таҕыстаҕына дьэ сүрүн аһатыы (подкормка) саҕаланар. Бастакы эбии аһатыыга 1 ыстакаан суурадаһыны 4 үүнээйигэ кутуллар.
Эбии аһатыы үс сүрүн көрүҥэ баар (азот, фосфор, калий). Бу үс көрүҥтэн ханныгынан баҕарар аһатыахха сөп. Уоҕурдуу органическай уонна минеральнай удобрениелар диэҥҥэ арахсар. Органическай диэн холобур кунус араас көрүҥнэрэ (перегной) буолар. Ынах, сылгы, куурусса кунустара бааллар. Балартан куурусса сааҕа саамай күүстээх, тиийимтиэ. Биир 10 л биэдэрэҕэ 1 ост. ньуоска куурусса сибиэһэй сааҕын буккуйан кутуллар. Бу азотнайдарга киирсэр.
Онтон калийынан (органическай удобрение) аһатар буоллахпытына тиит уонна хатыҥ мас күлүн кутабыт. Ону таһынан сымыыт хаҕа барсар. Сымыыт хаҕар 83 % кальций, 0,55 % магний, 0,12 % фосфор, 0,08 % калий, итиэннэ железо, сера, алюминий бааллар. Сымыыт хаҕын хайаан даҕаны сараасата суох буоларын туһугар сууйуллар. 10 сымыыт хаҕын куурдан баран илдьиритиллэр уонна 3 лиитирэ ууга суурайан баран 3-4 хонук туруоруллар, онтон сиидэлээн арассаадаҕа кутуллар. Түргэнник астанарын туһугар эмиэ туспа эбии аһатар препарат арааһа баар, олору туһаныаххытын сөп.
Сыыс оту суох оҥоруу
Үгүс дьон оҕуруоппут, хортуоппуйбут сирэ сыыс оттонор дииллэр. Маны суох оҥорорго биир сүбэ баар. Ол курдук, холобур, хортуоппуйу олордон баран 7-8 хонугу ааҕыллар уонна сыыс оту үргэниллэр, тээпкэлэниллэр. Саҥа быган эрэр, эрдэ эҥин диир табыллыбат. Бу ыйыллыбыт күҥҥэ тахсан сыыс отун үргэнэр. Ити кэнниттэн эмиэ 7-8 хонугу ааҕан баран иккиһин тахсан сыыс оттонуллар, тээпкэлэниллэр. Дьэ оччоҕо сыыс от үүммэт. Дьон бу күннэрин таба туппакка куоттаран кэбиһэллэр, оҕуруоттарын аһын сыыска былдьаталлар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: openbusiness.ru/biz