Муус устар ыйга биэнсийэлэрин буостанан ылааччылар үгүстэрэ илиилэригэр ыла иликтэр. Онуоха “хаһан түһэрий?” диэн ыйыталаһааччы үгүс.
Биэнсийэлээхтэр үгүстэрэ аныгылыы сиэринэн каартаҕа түһэртэрэр буолбуттара ыраатта. Ол эрээри, улуустарга, нэһилиэктэргэ интэриниэт мөлтөҕүнэн, банкоматтар, терминаллар суохтарынан, уруккулуу буоста нөҥүө ыла олороллор. Буостаҕа кэлэн ылааччылар уонна дьиэлэригэр тиэрдэн биэрэр өҥөнү туһанааччылар элбэх буоланнар, билигин кыраапык кэһиллэн, кыратык хойутааһын таҕыста.
Буоста үлэһиттэрэ муус устар 6 күнүттэн уруккулуу эрэсиимнэригэр көстүлэр, билигин тигинэччи үлэлии олороллор. Биэнсийэни муус устар 1 күнүттэн дьиэҕэ тиэрдиини саҕалаабыттара. Арассыыйа буостатын Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрэринэн, муус устар 12-15 күннэригэр диэри биэнсийэни дьиэҕэ тиэрдэн бүтэриэхтэрэ.
Ыксаабыт киһи бэйэтэ буостаттан кэлэн ылыан сөп эрээри, үлэһиттэр сааһырбыт дьон доруобуйаларын харыстаан, дьиэҕэ олороллоругар, аҕалан биэрэллэрин кэтэһэллэригэр сүбэлииллэр.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СИА