Биэнсийэлээхтэргэ айан төлөбүрэ судургутуйуо

Бөлөххө киир:

Хоту эрэгийиэннэртэн сылдьар биэнсийэлээхтэр сынньана баралларыгар айан ороскуотун толуйуу хаамыыта быдан судургутуйуо. Ол туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин уураахха илии баттаата.

Кырдьар сааһынан страховой биэнсийэни ылар, эбэтэр инбэлиит биэнсийэлээхтэр Биэнсийэ пуондатыттан анал толуоннары ылаллар. Бу толуонунан тимир суол пуойастарынан икки сылга биирдэ босхо айанныыр бырааптаахтар.

Урут маннык толуону ылар туһуттан, санаторийтан, эбэтэр сынньалаҥ дьиэтиттэн бигэргэтэр докумуону уонна тимир суол каассатыттан ыспыраапканы ирдииллэрэ. Билигин бу ирдэбиллэр суох буоллулар. Онон айан ороскуотун толуйуу быдан судургу буолла.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0