Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэрэ эбилиннэ

Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 1 күнүттэн үлэлии сылдьар биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэригэр эбиллии күүтэр. 2016 сылтан үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ эбиллэ илик. Бу кэнниттэн бастакы эбиллии буолла.

Эбиллии суумата биэнсийэлээх былырыыҥҥы хамнаһын кээмэйиттэн, төһө страховой усунуос төлөммүтүттэн, төһө биэнсийэ баала ааҕыллыбытыттан тутулуктаах. Ол эрээри эбиллии 3 биэнсийэ баалыттан үрдүк буолуо суохтаах. 2017 сылтан биэнсийэ ылар буолбут дьоҥҥо биэнсийэ баала 78,58 солкуобайга тэҥнэһэр, ол эбэтэр эбиллии кээмэйэ 235,74 солкуобайтан үрдүк буолбат.

         Биэнсийэлээх 2018 сылга тахсыбыт буоллаҕына, биэнсийэ баала 81,49 солк. тэҥнэһэр, онон эбиллии кээмэйэ 244,47 солк. тэҥнэһэр. Аны туран, 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн биэнсийэҕэ тахсан баран, үлэлии сылдьар дьоҥҥо эбиллии оҥоһуллубат. Биэнсийэ пуондата иһитиннэрэринэн, быйыл 9 мөл. 670 тыһ. биэнсийэлээх үлэлии сылдьар (20,4%).

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0