Биэнсийэлээх тиийинэн олороругар

Бөлөххө киир:

Ил Түмэн 19-с пленарнай мунньаҕар “2021 сылга биэнсийэлээххэ социальнай эбии төлөбүрү биэрэргэ анаан тиийинэн олоруу алын кээмэйин олохтооһун туһунан” сокуон барыла бүтэһик ааҕыытыгар ылылынна.

edersaas.ru

Онон 2021 сылга биэнсийэлээххэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14 652 солкуобайга, өрөспүүбүлүкэ бастакы зонатыгар – 17 447 солкуобайга, иккис зонатыгар – 14 309 солкуобайга тэҥнэстэ.

Ол эбэтэр, 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 104,1%, ол эбэтэр 576 солкуобайынан үрдээтэ (бастакы зонаҕа – 436 солкуобайынан, иккис зонаҕа – 589 солкуобайынан).

2021 сылга биэнсийэҕэ эрэгийиэннээҕи социальнай эбии төлөбүргэ анаан 2 006,1 мөлүйүөн солкуобай, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн – 1 829,1 солкуобай, өрөспүүбүлүкэттэн – 177 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ.

Барыллаан ааҕыынан, маннык эбии төлөбүрү 35 637 үлэлээбэт биэнсийэлээх ылыаҕа. Эбии төлөбүр кээмэйэ – 4649 солкуобай.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0