Кыра да харчы, бытыылка арыгы туһуттан кырдьаҕаһы-кыамматы да атаҕастыырын кэрэйбэт дьон баара олус абалаах уонна хомолтолоох.
Томпо улууһугар биир оннук нүдьү-балай киһиэхэ суут бириигэбэрэ тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Суут быһаарбытынан, бу урут хаста да сууттана сылдьыбыт киһи бу дьыл атырдьах ыйын ортотугар биэнсийэлээх инбэлиит киһиэхэ аһаабыт-арыгылаабыт. Ол аһаан-сиэн чалларыйбыт махталыгар, көрдөрөн туран, 4 тыһ. солк. сыаналаах спутниковай ресиверын, 1 тыһ. солк. сыаналаах суотабай төлөпүөнүн ылбыт. Маныаха доруобуйатын туругунан утарылаһар кыаҕа суох киһини эбиитин тайаҕынан (баттыгынан) иккитэ охсубут.
Ити кэнниттэн эмиэ итирик сылдьан, билэр киһитигэр кэлэн баран, киһитэ дьиэтигэр суоҕун көрөн, түннүгүнэн иһирдьэ киирэн, 7 тыһ. солк. суумалаах малы-салы уоран тахсыбыт.
Суут кинини ити буруйдарын иһин 4 сылга кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурбут. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирбит.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.