Биэнсийэлээх дьоҥҥо эрэгийиэннээҕи эбии төлөбүр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова быһа сибээс кэмигэр нэһилиэнньэ ыйытыытыгар хоруйдаата.

edersaas.ru

Төрүөҕүттэн үһүс группалаах инбэлиит: “Сорох дьоҥҥо биэнсийэлэригэр эбии төлөбүр көрүллэр үһү, төһөнүй?” – диэн ыйытта.

Маныаха миниистир: “Үлэлээбэт биэнсийэлээх дьоҥҥо биэнсийэлэригэр эрэгийиэннээҕи эбии төлөбүр көрүллэр, ол иһигэр инбэлиитинэн биэнсийэҕэ тахсыбыттарга эмиэ. Өскөтүн маннык биэнсийэлээх киһи дохуота биэнсиэйэлээх дьон тиийинэн олорор алын кээмэйиттэн (ниже прожиточного минимума) кыра буоллаҕына социальнай көмүскэл уорганын нөҥүө эрэгийиэннээҕи эбии төлөбүр бэриллэр. Онон өскөтүн дохуоккут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра түгэнигэр диреккэ суруйуҥ, көрүллэрин-көрүллүбэтин быһаарыахпыт, хоруйдуохпут”, — диэн эттэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: orenburg.media

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0