Ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар биэнсийэлээх дьахтар түөкүттэргэ киирэн биэрбитэ. Интэриниэт ситимигэр видеороликтары көрө олорон эбии харчы оҥоруохха сөбүн туһунан баан биллэриитин көрбүт.
Кини интириэһиргээн сыылка нөҥүө электроннай пуорманы толорон бэйэтин дааннайдарын, төлөпүөнүн нүөмэрин суруйбут. Сотору кэминэн киниэхэ биллибэт нүөмэртэн эрийэн үпкэ сыһыаннаах исписэлиистэрбит диэн бэйэлэрин билиһиннэрбиттэр. Кинилэр саастаах дьахтарга төлөпүөнүгэр саҥа сыһыарыыны хачайдыырыгар уонна саҥа счет аһарыгар сүбэлээбиттэр. Дьахтар бастакы төлөбүрүн 15 тыһыынчаны укпут. Сотору кэминэн мобильнай сыһыарыытыгар 1472 cолкуобай эбии киирбитин көрбүт. Ол күнтэн ыла «исписэлиистэр» эрийэ-эрийэ өссө улахан харчыны угарыгар сүбэлээбиттэр.
Кинилэр этиилэрин истэн эмсэҕэлээччи хас да бааҥҥа кирэдьиит оҥотторбут, онтукатын уопсай суумата 1 мөлүйүөн 83 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспит. Ый устата эбии харчы түһэрин кэтэһэн көрөн баран эмсэҕэлээччи полицияҕа үҥсүбүт.
Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо, интэриниэт ситимигэр тарҕанар түргэнник барыһырар, харчыны улаатыннарар рекламаларга киирэн биэримэҥ. Биллибэт сыылканы батыһан дааннайдаргытын хаалларымаҥ.
«Саха сирэ» хаһыат ахсынньытааҕы нүөмэригэр түөкүттэртэн хайдах харыстанар туһунан ИДьМ үлэһитин кытта сиһилии кэпсэтии бэчээттэммитэ. Онно сүбэлииллэринэн, ханнык да баан эрийдэҕинэ төлөпүөҥҥэ эппиэттээбэт туһунан кэпсээбиттэрэ. Оттон буолаары буолан, интэриниэт ситимин нөҥүө эбии харчылаһыы туһунан биллэриини түөкүттэр эрэ таһаараллара биллэр.
Ульяна ЗАХАРОВА.