Биэнсийэҕэ тахсар саастара чугаһаабыт дьон Биэнсийэ пуондатыттан иһитиннэриилэри “Госуслуги” порталга Тус кэбиниэттэригэр тутан эрэллэр. Билиҥҥи туругунан, дойду үрдүнэн 740 тыһыынча киһиэхэ ыыттылар.
Эр дьоҥҥо 45, дьахталларга 40 саастарыттан кэнэҕэски биэнсийэлэрин туһунан иһитиннэриилэри ыыталлар. Бу маннык иһитиннэрии үс сылга биирдэ кэлэр.
Иһитиннэриигэ страховой биэнсийэни ылыы усулуобуйалара, сабаҕаланар кээмэйэ, төһө ыстаас хаалбыта, о.д.а. информация баар. Дьиҥэ, бу сыаналаах информация, тоҕо диэтэр, кэнэҕэски биэнсийэ туһунан эрдэ толкуйданыллыахтаах. Төһө суумалаах буолара, хас баал мунньуллубута, хас сыл ыстаастааҕыҥ, ханнык көрүҥнээх биэнсийэни ыларыҥ, ханнык судаарыстыбаннай бырагыраамаларга хапсарыҥ — барыта суолталаах. Туох тиийбэтин ырыҥалаан, Биэнсийэ пуондатын үлэһиттэрин кытары кэпсэтэн. эрдэттэн дьаһаммыт ордук.
Онон, бу сааска хапсар буоллаххытына, «Госуслуги» порталга киирэн, кэнэҕэски ылыахтаах биэнсийэҕит туһунан ааҕыҥ, билиҥ. Сорох дьоҥҥо сурук кэлэ илик буолуон сөп, тоҕо диэтэр, иһитиннэриилэри ыытыы салҕанар. Кэлэ илик буоллаҕына, Биэнсийэ пуондатын саайтыгар Тус кэбиниэккэ киирэн эмиэ көрүөххэ сөп.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: radiosputnik.ria.ru