«Биэнсийэ, социальнай төлөбүрдэр үрдүөхтэрэ»

Бөлөххө киир:

Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Георгий Степанов:

— Пандемиянан сибээстээн, төһө да ааспыт сыл уустук усулуобуйаҕа аастар, туох баар биэнсийэни, босуобуйаны, Ийэ хапытаалын хааччаҕа суох төлөөтүбүт. Бу суумата барыта 80 миллиард солкуобай буолла, ол иһигэр, 63 миллиард солкуобай – страховой биэнсийэни төлөөһүн.

Бэрэсидьиэн ыйааҕынан, былырыын биэнсийэлээхтэргэ, оҕолоох ыалларга көмө быһыытынан биирдэ бэриллэр төлөбүрдэр төлөммүттэрэ. Федеральнай бүддьүөттэн 5,5 миллиард солкуобай көрүллүбүтэ.

Дойду үрдүнэн бүрүүкээбит социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньаны учуоттаан, дойду аҕа баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан, сотору кэминэн биэнсийэ, хамнас алын кээмэйэ, бары төлөбүрдэр үрдээри тураллар. Онно бэлэмнэнии үлэтин ыыта сылдьабыт.

Ыам ыйыттан 8-16 саастаах оҕолоох, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ саҥа босуобуйа бэриллиэхтээх. Ыам ыйыттан сайабылыанньалары ылан саҕалыахпыт, ол эрэн, босуобуйа хос ааҕыллан (перерасчет), муус устар ыйтан төлөнүө. Онон бу хаалбыт кыра кэмҥэ нэһилиэнньэни сырдатар-өйдөтөр үлэни күүскэ ыытыахпыт.

Ил Дархан Айсен Николаев туруорбут соруктарын толору өйөөн, быйыл да биэнсийэҕэ, социальнай төлөбүрдэргэ эбэһээтэлистибэлэри толорор соруктаахпыт.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0