Биэнсийэ салҕыы эбиллэрэ күүтүллэр

Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, Арассыыйаҕа үлэлээбэт дьон страховой биэнсийэлэрэ 8,6% индексацияланыа.

edersaas.ru

Онон,  үлэлээбэт биэнсийэлээх страховой биэнсийэтин кээмэйэ 2022 сылга ортотунан 18 984 солкуобай, 2023 сылга – 20 047 солкуобай, 2024 сылга 21150 солкуобай буолуоҕа.
«Маннык индексация учуоттанан, үлэлээбэт биэнсийэлээх кырдьаҕаһынан страховой биэнсийэтин орто кээмэйэ 2022 сылга 18 984 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Онуоха быйыл эбии 170 миллиард солкуобай ирдэниллэр», -– диэн РФ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Антон Котяков иһитиннэрдэ.
Сотору кэминэн биэнсийэ үрдээбит кээмэйинэн бэриллиэҕэ уонна тустаах көннөрүүлэр ылылыннахтарына, нуорма базалара көннөрүлүннэхтэринэ бастакы ыйдар төлөбүрдэрэ оҥоһуллуохтара.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0