Бэҕэһээ, тохсунньу 20 күнүгэр, РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутааттара биэнсийэ инфляция таһымын куоһарарын индексациялыыр сокуоҥҥа уларытыыны киллэриини иккис уонна үһүс ааҕыытыгар ылыннылар. 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн биэнсийэ страховой чааһа 8,6 % индексацияланыахтааҕын туһунан РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудахтаабыта.
Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин: «Төһө кыалларынан, социальнай эбэһээтилистибэ толоруллуохтаах. Маннык быһаарыныыны ылыныы инфляция кэмигэр дьону араҥаччылааһынынан буолар, сыана үрдүү турар кэмигэр биэнсийэлээхтэргэ маннык хабааннаах толуйуу оҥоһуллара саамай сөп. Биэнсийэҕэ эбиллии 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ааҕыллыа. Саамай сүрүнэ, бүддьүөккэ онно тиийэр үп-харчы баар», — диэн быһааран биэрбит.
edersaas.ru