Бу күннэргэ батсаабынан «Пенсионнай Фонд иһитиннэрэринэн 53 саастарыттан 67 саастарыгар сылдьар дьон эбии единовременнай харчы төлөнөр 5т до 10 т диэн. Ону пенсионнайтан ыйыталаһаҕыт уонна заявления түһэрэҕит. Маны таһынан советскай кэмҥэ үлэлээбит дьон стажтарын эбии саҥаттан суруттарыахтарын сөп«, — диэн иһитиннэрии тарҕанна.
edersaas.ru
edersaas.ru саайт ааҕааччылара бу сураҕы чопчулуурга көрдөһөннөр, Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын үлэһиттэрин кытары кэпсэтэ сырыттыбыт.
Онуоха, билигин социальнай ситимнэринэн тарҕанар сымыйа сурахтарга итэҕэйимэҥ диэн эттилэр. Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаата бэйэтин килийиэннэригэр официальнай иһитиннэриини www.pfrf.ru официальнай саайтын нөҥүө биллэрэр. Маны таһынан отделение регистрацияламмыт өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна оройуоннардааҕы сонуннары киэҥник тарҕатар ситимнэри кытары үлэлиир.
Мантан атын источниктартан кэлэр иһитиннэриилэргэ, араас сурахтарга итэҕэйимэҥ диэн этэллэр. Хомойуох иһин, дьону албынныыр сыаллаах араас саайтар элбэхтэр. Олор иһитиннэриилэригэр итэҕэйэр табыллыбат.
Биэнсийэ пуондатын компетенциятыгар киирэр өҥөлөр тустарынан элбэх ханааллаах төлөпүөҥҥэ эрийэн билсиҥ: 8-800-600-02-98 (үлэ кэмигэр).
edersaas.ru