Өрөспүүбүлүкэҕэ 278 тыһыынча биэнсийэлээх баарыттан, 82 %-ра страховой биэнсийэни ылаллар.
Бу кинилэр биэнсийэлэрин Биэнсийэ пуондатыгар, эбэтэр судаарыстыбаннайа суох пуондаларга уурдарыахтарын сөп. 1967 сылтан бэттэх төрөөбүт дьон страховой биэнсийэлэрин мунньуллар чааһын судаарыстыбаннайа суох пуондаларга ыытан, элбэтиэхтэрин, улаатыннарыахтарын сөп (өскөтүн пуонда дохуот киллэрэр буоллаҕына). Биэс сылга биирдэ Биэнсийэ пуондатыттан судаарыстыбаннайа суохха, эбэтэр төттөрү, ночоото суох көһүөххэ сөп. Оттон сыл аайы көһөр буоллахха, инвестиционнай дохуот дуона суох буолуо.
Биэнсийэ нэһилиэстибэ быһыытынан бэриллиэн сөп дуо? Судаарыстыбаннайа суох пуондаҕа биэнсийэтин уурдарбыт киһи, арай, өлөн хааллаҕына, нэһилиэнньиктэрэ мунньуллубут харчыны нэһилиэстибэ быһыытынан ылыахтарын сөп.
Өскөтүн Биэнсийэ пуондатыгар уурдарыылаах киһи биэнсийэҕэ тахсар сааһыгар тиийбэккэ эрэ өлөн хааллаҕына, хас сыл ыстаастааҕыттан тутулуга суох, кини саастарын ситэ илик оҕолоругар, иитэр-аһатар киһилэрин сүтэрбиттэринэн, биэнсийэ ананар. Эдэр төрөппүттэрин сүтэрбит оҕолорго социальнай биэнсийэ ананар. Өскөтүн өлбүт киһи биэнсийэтин ыла сылдьыбыт буоллаҕына, мунньуллубут чааһа оҕолоругар төннүбэт.
Нэһилиэстибэни бастакы уочарат кэргэнэ, оҕолоро, төрөппүттэрэ ылаллар, кинилэр суох буоллахтарына, иккис уочаратынан — бииргэ төрөөбүттэрэ, эбэлэрэ-эһэлэрэ, сиэннэрэ.
Бу нэһилиэстибэ көрүҥэ уустук боппуруос, ымпыга-чымпыга элбэх, онон сиһилии Биэнсийэ пуондатын үлэһиттэриттэн сүбэлэтиэххитин сөп.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru