Биэнсийэҕэ тахсыахтаах дьоҥҥо чэпчэтиилэр

Бөлөххө киир:

Биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар саастаах дьон бастаан утаа онно аналлаах статуһу ылыахтаахтар. Ол курдук, сокуон быһыытынан биэнсийэҕэ тахсыахтара 5 сыл хаалбыт  дьон биэнсийэ иннинээҕи саастаахтар (предпенсионный возраст) диэн буолаллар.

Ону хас да ньыманан оҥоруохха сөп. Олортон саамай судургулара – эрэгийиэннээҕи Биэнсийэ пуондатын саайтыгар электроннай көрүҥүнэн оҥорторуохха сөп.  Ол курдук, тустаах ыспыраапканы онлайн-эрэсииминэн ылар инниттэн бастаан утаа судаарыстыбаннай өҥө порталыгар  «Тус кэбиниэккэ» киириллэр уонна «Биэнсийэ түһүмэҕэр”  гражданин биэнсийэ иннинээҕи категорияҕа киирсэрин туоһулуур ыспыраапканы сакаастыыр уонна ол ыспыраапка хайа тэрилтэҕэ наадатын ыйар.

Санатан эттэххэ, биэнсийэ иннинээҕи саастаах  дьоҥҥо маннык чэпчэтиилэр бааллар:

— нолуокка чэпчэтии;

— баай-дуол нолуогар чэпчэтии;

— үлэтэ суох буоллахха, төлөнөр босуобуйа үрдүүрүгэр;

— биэнсийэҕэ тахсар саастаах дьоҥҥо анал үөрэтиигэ;

— диспансеризацияны  ааһарга икки күн көрүллэр;

— эрэгийиэннээҕи чэпчэтиилэргэ уонна социальнай өйөбүл миэрэлэригэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0