Биэнсийэҕэ тахсар саас үрдээтэ

Бөлөххө киир:

РФ бырабыыталыстыбата биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатар туһунан сокуон барылын бигэргэттэ. Сокуон күүһүгэр киирдэҕинэ, бу уларытыы 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕаланыаҕа уонна түһүмэхтэринэн барыаҕа. Ол эбэтэр сыл аайы биирдии сыл уһаан иһиэҕэ.

Арассыыйаҕа билигин эр дьон 60 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсаллар. Кинилэргэ биэс сыл уһаата. 2028 сылтан 65 саастаах эр дьон биэнсийэҕэ тахсар буолуохтара. Дьахталлар билигин 55 саастарыгар тахсаллар. Кинилэргэ 8 сыл уһаата. Онон 2034 сылтан 63 саастарын туолбут дьахталлар биэнсийэҕэ тахсар буолуохтара.

Аан бастаан, 2019 сылга 1959 сыл төрүөх эр дьон уонна 1964 сыл төрүөх дьахталлар хабыллыахтара. Кинилэр 61 уонна 56 саастарыгар тахсыахтара (бу – Арассыыйаҕа).

Оттон Саха сиригэр, биллэрин курдук, Уһук Хоту олорорбут быһыытынан, билигин эр дьон 55, дьахталлар 50 саастарыгар тахсаллар. Онтон бу уларыйыы чэрчитинэн, эр дьоҥҥо 5, дьахталларга 8 сыл эбиллэр. Онон эр дьон 60, дьахталлар 58 саастарыгар тахсар буолуохтара.

Оттон Саха сиригэр хайдаҕый? Сылынан быһаарар буоллахха, маннык:

1963 с.т. эр дьон 55 саастарыгар – 2018 сылга тахсаллар.

1964 с.т. эр дьон 56 саастарыгар – 2020 сылга тахсаллар.

1965 с.т. эр дьон 57 саастарыгар – 2022 сылга тахсаллар.

1966 с.т. эр дьон 58 саастарыгар – 2024 сылга тахсаллар.

1967 с.т. эр дьон 59 саастарыгар – 2026 сылга тахсаллар.

1968 с.т. эр дьон 60 саастарыгар – 2028 сылга тахсаллар.

1968 с.т. дьахталлар 50 саастарыгар – 2018 сылга тахсаллар.

1969 с.т. дьахталлар 51 саастарыгар – 2020 сылга тахсаллар.

1970 с.т. дьахталлар 52 саастарыгар – 2022 сылга тахсаллар.

1971 с.т. дьахталлар 53 саастарыгар – 2024 сылга тахсаллар.

1972 с.т. дьахталлар 54 саастарыгар – 2026 сылга тахсаллар.

1973 с.т. дьахталлар 55 саастарыгар – 2028 сылга тахсаллар.

1974 с.т. дьахталлар 56 саастарыгар – 2030 сылга тахсаллар.

1975 с.т. дьахталлар 57 саастарыгар – 2032 сылга тахсаллар.

1976 с.т. дьахталлар 58 саастарыгар – 2034 сылга тахсаллар.

Санатабыт, бу Саха сиригэр маннык схема үлэлиир.

Биир уоскутар түгэн – хойут тахсааччыларга биэнсийэлэрин кээмэйигэр ыйга биирдии тыһыынча эбиллэн иһиэҕэ, онон сылга 12 тыһыынчанан элбэх, арыый үрдүк биэнсийэни илиилэригэр тутар буолуохтара.

Социальнай биэнсийэҕэ тахсааччылар (үлэ ыстааһын толорботохтор) дьахталлар 68, эр дьон 70 саастарыгар тахсар буолуохтара (бу — Арассыыйаҕа). Эрдэ тахсааччыларга эмиэ 8 сыл эбиллэр.

Биэнсийэ реформата социальнай хабааннаах страховой биэнсийэни ылар дьону (инбэлиит оҕону 8 сааһыгар диэри иитэр ийэни, биэстэн элбэх оҕону төрөппүт ийэни, хараҕынан 1 группалаах инбэлиити, уо.д.а.) таарыйыа суоҕа.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0