Биэнсийэҕэ хас сааспытыгар тахсабыт?

Бөлөххө киир:

Госдуума биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатар туһунан сокуону иккис ааҕыыга ылынна. Сокуон күүһүгэр 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн киириэхтээх уонна сыыйа 10 сыл устата  түһүмэхтэринэн барыахтаах (ол эбэтэр 2028 сылга диэри биирдии сыл эбиллэр).

Саха сиригэр олорор дьон үгүстүк мунаараллар: 60-65 сааспытыгар тахсабыт дуу, суох дуу? Субу биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар дьон хас сылга тахсалларый?

Биэнсийэҕэ тахсыы туһунан урут элбэхтик суруйан турабыт. Ол эрээри, бу боппуруоһу чуолкайдаатахха сатанар.

Саха сиригэр олорор дьон 5 сыл эрдэ тахсар чэпчэтиилэрэ оннунан хаалла. Ол эбэтэр, Саха сиригэр дьахталлар 55, эр дьон 60 саастарыгар тахсар буоллулар. Бу саастарыттан 3 оҕолоох ийэлэргэ – 3 сыл, 4 оҕолоохторго – 4 сыл, 5 оҕолоохторго – 5 сыл көҕүрүүр (Арассыыйа үрдүнэн).

Ону тэҥэ бэрэсидьиэн Владимир Путин субу тахсаары сылдьар (2019-2020 сс.) дьон сыл аҥара эрдэлээн тахсыахтара диэн эрэннэрбитэ. Ол ону төрөөбүт ыйынан көрөн, учуоттуохха наада. Холобур, 2020 сыл тохсунньутугар тахсыахтаах киһи 6 ый эрдэлээн, 2019 сыл от ыйыгар тахсар.

Биэнсийэ пуондатын сайтыгар сурулларынан, Уһук Илиҥҥэ (ол аата Саха сиригэр) бастайааннай олорор, страховой ыстаастарын толорбут дьахталлар иккиттэн элбэх оҕону төрөппүт (иитэ ылбыт) буоллахтарына, эрдэ тахсар (50 саастарыгар) бырааптаахтар. Саха сирин ийэлэрэ бу чэпчэтиинэн хото туһаныахтарын сөп эбит.

Онон, суоттаан көрдүбүт. Ити атын чэпчэтиилэри учуоттаабакка, сылынан уопсай быһаарар буоллахха, маннык:

1964 с.т. эр дьон 56 саастарыгар – 2020 сылга тахсаллар.

1965 с.т. эр дьон 57 саастарыгар – 2022 сылга тахсаллар.

1966 с.т. эр дьон 58 саастарыгар – 2024 сылга тахсаллар.

1967 с.т. эр дьон 59 саастарыгар – 2026 сылга тахсаллар.

1968 с.т. эр дьон 60 саастарыгар – 2028 сылга тахсаллар.

1969 с.т. дьахталлар 51 саастарыгар – 2020 сылга тахсаллар.

1970 с.т. дьахталлар 52 саастарыгар – 2022 сылга тахсаллар.

1971 с.т. дьахталлар 53 саастарыгар – 2024 сылга тахсаллар.

1972 с.т. дьахталлар 54 саастарыгар – 2026 сылга тахсаллар.

1973 с.т. дьахталлар 55 саастарыгар – 2028 сылга тахсаллар.

Оттон 2019-2020 сс. тахсыахтаах дьон, сааскытыттан алта ыйы көҕүрэтэн, суоттанан көрүҥ.

Биэнсийэ реформата социальнай хабааннаах страховой биэнсийэни ылар дьону (инбэлиит оҕону 8 сааһыгар диэри иитэр ийэни, биэстэн элбэх оҕону төрөппүт ийэни, хараҕынан 1 группалаах инбэлиити, уо.д.а.) таарыйыа суоҕа. Ону тэҥэ ыарахан үлэҕэ сылдьар үлэһиттэр (шахтердар, горняктар, табаһыттар, кадровай булчуттар, балыксыттар, уо.д.а.) эмиэ урукку курдук,эрдэ тахсаллар.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0