СӨ бырабыыталыстыбата 2009 сыл сэтинньи 23 күнүгэр таһаарбыт «Об утверждении положения о порядке предоставления региональной социальной доплаты к пенсии в Республике Саха (Якутия)» диэн 493 нүөмэрдээх уурааҕыгар олоҕуран, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэригэр социальнай төлөбүр олохтонор.
edersaas.ru
2020 сылга биэнсийэҕэ эрэгийиэннээҕи социальнай төлөбүрү олохтуур сыалтан, 2019 сыллаахха балаҕан ыйын 11 күнүгэр тахсыбыт сокуоҥҥа олоҕуран, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биэнсийэлээхтэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14 076 солк. бигэргэтиллибитэ. Ол курдук бастакы зонаҕа олорооччуларга — 17 011 солк., иккис зонаҕа — 13 720 солк. олохтоммут.
Бастакы зонаҕа (Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай, Айхал бөһүөлэгэ уонна Удачнай куорат) – биэнсийэлээх тиийинэн олорор алын кээмэйэ 17 011 солкуобайга тэҥнэһэр. Иккис зонаҕа (Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, УусМайа, Хаҥалас, Чурапчы уонна Дьокуускай к.) – 13 720 солкуобай.
Санатан эттэххэ, 2019 сыл муус устар ыйыгар федеральнай сокуонунан үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэгийиэннээҕи социальнай төлөбүрү ааҕыы бэрээдэгэр уларыйыылар киирбиттэрэ
РФ Биэнсийэ пуондатын территориальнай уорганыттан биэнсийэ ылар үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр эбии социальнай төлөбүрү оҥотторууга олохтоох миэстэлэринэн нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлииитэн чуолкайдаһыахтаахтар. Биэнсийэҕэ эбии төлөбүр ый 1-кы чыыһылатыттан олохтонор.
Маны таһынан электроннай ньыманан туһанан сайабылыанньаны уонна туһааннаах докумуоннары туттарыахха сөп (gosuslugi.ru, e-yakutia.ru порталларынан).
Сайабылыанньаны кытары булгуччу маннык докумуоннар ирдэниллэллэр:
— Пааспар куоппуйата;
— Биэнсийэлээх үлэлээбэтин туһунан бигэргэтэр докумуон куоппуйата.
edersaas.ru