Биэнсийэҕэ эбии төлөбүргэ — миллиард солкуобай

Бөлөххө киир:

Саха сирэ кэлэр сылга федеральнай бүддьүөттэн биэнсийэҕэ эбии социальнай төлөбүр быһыытынан 1,28 млрд солкуобайы ылыаҕа.

2019 сылга РФ бырабыыталыстыбата 7,7 млрд  солк. суумалаах маннык төлөбүрү барыта 13 эрэгийиэҥҥэ тыырыаҕа. Ол курдук, федеральнай көмөнү Саха сирэ, Коми, Камчатка, Чукотка, Приморскай уонна Хабаровскай кыраайдар, Архангельскай, Мурманскай, Магадан, Москва уобаластара, Ненецкэй, Ханты-Мансийскай автономнай уокуруктар уонна Еврейскэй автономнай уобалас ылыахтара.

Саамай улахан көмөнү Москва уобалаһа (1,69 млрд  солк.), Саха сирэ (1,28 млрд  солк.) уонна Приморскай кыраай (1 млрд солк.) ылаллар.

2017 сылга бу төлөбүргэ анаан 1 млрд  солкуобайы сэттэ эрэгийиэҥҥэ (Коми уонна Саха Өрөспүүбүлүкэлэрэ, Камчатка, Приморскай, Хабаровскай кыраайдар, Архангельскай уонна Московскай уобаластар) тэҥинэн түҥэппиттэрэ. Онон быйыл суума лаппа үрдээбитэ бэлиэтэнэр.

Эрэгийиэннээҕи төлөбүрү социальнай биэнсийэ ыйдааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тиийбэт буоллаҕына, эбии төлүүллэр. Оттон социальнай биэнсийэҕэ ыстаастара тиийбэт дьон тахсаллар. Социальнай биэнсийэ кээмэйэ – 9,5 тыһ. солк. Бу сууманы тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тиэрдэргэ эрэгийиэннэр эбии төлөбүрү олохтууллар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0