Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Үһүс саас оскуолата 2011 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр Нэһилиэнньэни социальнай хааччыйыы кэлим киинин иһинэн аһыллыбыта.
Тэрийээччинэн уонна көҕүлээччинэн бу кэлим киин дириэктэрэ Наталья Николаевна Пахомова, бастакы научнай салайааччынан Тамара Прокопьевна Аргунова буолбуттара.
Оскуола тэриллибит сүрүн сыалынан сааһырбыт дьону бииргэ түмэн, айар-тутар, сайдар баҕаларын өйөөн, уопсастыбаҕа туһалаах буолалларын ситиһии, кинилэр олохторун киэргэтии, үйэлэрин уһатыы буолар.
Бу маннык оскуолалары тэрийэн үлэлэтиини сааһырбыт дьону кытары социальнай үлэ аныгы ньыматын быһыытынан билиниэххэ сөп. Уопсастыбаннай уонна судаарыстыбаннай тэрилтэлэри кытта биир тылы булан, үлэни тэрийэллэрэ кэрэхсэбиллээх. Үөрэтэр куурустары ыыталларын, айар мастарыскыайдары, кулууптары тэрийэллэрин сэргэ, социальнай бырайыактары үлэлэтэллэр. Ол да иһин, биэнсийэлээхтэр бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэ-истиһэ, кэлэ тураллар, дууһалыын сынньанан, эрчим эбинэн, олоххо тардыһыылара күүһүрэн, сэргэхсийэн бараллар.
Оскуолаҕа үөрэх дьыла алтынньыттан от ыйыгар диэри салҕанар. Сорох устуудьуйалар сайын эмиэ үлэлиэхтэрин сөп. Сылга 4-6-лыы нэдиэлэлээх биэс үөрэх семестрэ ыытыллар. Бүтэрдэхтэринэ, хас биирдии киһиэхэ үөрэммиттэрин туоһулуур анал докумуон туттараллар.
Улуустарга уопуту тарҕатыы
2012 сыл атырдьах ыйыгар бырабыыталыстыба көмөтүнэн, Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ Дьокуускай куоракка Федор Попов уулуссатыгар турар үс этээстээх дьиэни биэрбитэ.
Онон сөптөөх усулуобуйа оҥоһуллан, оскуола оттуллубут көмүлүөк курдук тигинэччи үлэлээн барбыта. Хас күн аайы 14-15 дьарык ыытыллара.
Улуустарга да оскуола үлэтин олус сэргээбиттэрэ. Онон Уус Алдаҥҥа, Аммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Намҥа, Горнайга, Хаҥаласка, Үөһээ Бүлүүгэ, Уус-Маайаҕа, Өймөкөөҥҥө Үһүс саас оскуолатын филиаллара аһыллыбыттара. Ол кэнниттэн Дьокуускайга Сайсары уокуругар, Тулагы-Киллэмҥэ, Маҕаҥҥа, Табаҕаҕа эмиэ филиаллар аһыллыбыттара.
Эгэлгэ үөрэх көрүҥэ
Уһуйааччылар, волонтердар оскуолаҕа кыайан кэлэр кыаҕа суох кырдьаҕастары, инбэлииттэри дьиэлэригэр баран үөрэтэллэр. Холобур, 85 саастаах учуутал Мария Петухова бэйэтин дьиэтигэр дьону иискэ үөрэтэр.
Үөрэтэр, чэбдигирдэр, сайыннарар култуурунай хайысханан 43 куруһуок үлэлиир: көмпүүтэргэ үөрэтии, кэрэтик хамсаныы, йога, эмтиир гимнастика, остуол тенниһэ, үҥкүү фитнеһэ, хабылык уонна хаамыска, баайыы, хатайдааһын, живопись, кабошон, кыбытык тигии, оҕуруонан тиһии, кылы өрүү, бэргэһэни, түүлээх атах таҥаһын, сахалыы таҥаһы тигии, этэрбэһи улларыы, иискэ үөрэтии, “Айар кут”, бальнай үҥкүүгэ, ырыаҕа уһуйуу, илиҥҥи үҥкүүгэ үөрэтии, Литературнай көстүүнэй, медиа-куруһуок, хор, англия, кытай, саха, француз тылларын үөрэтии, остуол оонньуулара, оригами, твист-терапия, су-джок, батик, драмкуруһуок, тиэхиньикэни өрөмүөннээһин, гобелен, быысыпка, туос оҥоһуктар, өстүөкүлэни киэргэтии, соломонон өрүү, макраме, «Вдохновение», «Талбаана», «Көмүс күһүн” ырыа ансаамбыллара, «Ытыс ымыыта» хомусчуттар ансаамбыллара, норуот үнүстүрүмүөннэригэр үөрэтии, тойук, хомус, “Дьээ-Буо” фольклорнай ансаамбыл, уо.д.а.
Ону тэҥэ, интэриэстэринэн кулууптар үлэлииллэр: «Көмүлүөк», «Мир увлечений», «Эр эрчим» кулууптар, ритмология. Парикмахерскай, хаартыскаҕа түһэрии, маникюр, педикюр, атах таҥаһын өрөмүөннээһин, о.д.а. өҥөлөрүн оҥороллор.
Оскуоланы бүтэрбиттэр сэртипикээт ылан баран, уоскуйан хаалбаттар. Салгыы волонтер курдук үлэлииллэр. “Көмүлүөк” кулууп чилиэннэрэ 2015 сыллаахха Кыайыы 70 сылын көрсө 70 үтүө дьыаланы оҥорбуттара. Оскуола волонтер уһуйааччылара Санкт-Петербурга “Аҕа көлүөнэ” аан дойдутааҕы түмсүүгэ баран ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ.
“Сөптөөх хайысханы тутуһан иһэбит”
Үһүс саас оскуолатын дириэктэрэ, социальнай сулууспа туйгуна Пелагея Прядезникова үлэ-хамнас туһунан бу курдук кэпсиир:
— Биһиги оскуолабыт үөрэтэр, сайыннарар эрэ киин буолбатах. Сааһырбыт дьону кытары социальнай үлэ ресурснай киинин быһыытынан үлэлиибит. Онон социальнай тэрилтэ быһыытынан судаарыстыба да, уопсастыба да өттүттэн болҕомтону, ураты сыһыаны эрэйэр.
2013 сыллаахха аан бастаан «Активное долголетие» өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүнү тэрийэн ыыппыппыт. Онно 25 улуустан кэлэн кыттыбыттара. Сүрдээх туһалаах тэрээһин буолан ааспыта.
Бүгүҥҥү күҥҥэ «Мы волонтеры», «Ассоциация выпускников», «Домашняя школа», «Компьютерная грамотность» бырайыактары үлэлэтэбит. “Активное долголетие” диэн информационнай-методическэй кииммит Арассыыйа Уопсастыбаннай балаататын “Перспектива” бырагырааматыгар талыллыбыта. 2013 сыллаахха бырайыакпытын СӨ Гражданскай көҕүлээһиннэрин министиэристибэтэ өйөөн, 1 мөлүйүөн солкуобайдаах грант биэрбитэ.
Бу сыллар тухары 13 тыһыынча кэриҥэ киһи биһиэхэ үөрэннэ. Бу олус үчүгэй көрдөрүү. Сылтан сыл сылдьар дьон ахсаана эбиллэн иһэр. Бу биһиги сөптөөх хайысханы тутуһан үлэлиирбитин туоһулуур.
Биһиги кииммит иһинэн «Активное долголетие» бырагыраама олоххо хайдах дьайара үөрэтиллэн, дьоҥҥо туһалааҕа, биһиги уопсастыбабытыгар сөп түбэһэрэ көһүннэ. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ киһи орто сааһа уһаабытыгар биһиги кылааппыт эмиэ баар дии саныыбыт. Уопсастыбаҕа да кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ, кырдьар сааска сыһыан уларыйан иһэр диэн көрөбүт.
Кырдьар кырыыс буолбатах
Аан дойду үрдүнэн сааһырбыт дьон ахсаана эбиллэн иһэрэ бэлиэтэнэр. Арассыыйаҕа 43,5 мөлүйүөн, Саха сиригэр 276 тыһыынча биэнсийэлээх баар. Кистэл буолбатах, кырдьаҕас, кыаммат дьону уопсастыбаттан туоратан, кинилэри туһата суох, көрүүнү-истиини эрэ эрэйэр дьон курдук көрүү баар. Ол эрээри, сааһырбыт дьоҥҥо, бастатан туран, болҕомто, ытыктабыллаах, сылаас сыһыан, көхтөөх, көмөлөөх буолуу, саастыылаахтары кытта үөрэ-көтө сылдьыы ордук суолталаах буоллаҕа эбээт.
Биэнсийэҕэ тахсыыны сорох дьон үксүгэр уустук кэм, кириисис курдук ылыналлар. Биэнсийэлээх социальнай статуһа, олоҕун укулаата, алтыһар эйгэтэ уларыйар. Маннык түгэҥҥэ сорохтор олохторун суолтата сүппүт курдук саныыллар, соҕотохсуйаллар, ол олус ыарыылаах, эрэйдээх буолар. Сааһырбыт киһи ыалдьыан, санаата түһүөн сөп.
Ол эрээри, биэнсийэҕэ тахсыынан олох бүтэр диэн төрдүттэн сыыһа өйдөбүл. Үлэттэн уурайан, дьэ, бэйэни көрүнэргэ, олоҕу тупсарарга бириэмэ баар буолар. Оҕону-урууну иитэ сатаабакка, аны бэйэни сайыннарар, саҥаны боруобалыыр, үөрэнэр, билсэр-көрсөр, бэйэтэ туспа кэрэлээх, ураты кэм кэлэр.
Киһи үйэтин-сааһын тухары үөрэнэр. Сааһырбыт киһи ыһыктынан, дьиэҕэ бүгэн олорон хаалыа суохтаах. “Кимиэхэ да туһата суох буоллум, кырыйдым, ыарыйдым” диэн санаата түспүт киһи үйэтэ уһаабат. Онон кинилэри өйүүр, уопсастыбаҕа сырытыннарар, сайыннарар, сэргэхситэр үлэ тиһигин быспакка ыытыллыахтаах.
“Үһүс саас” диэн тугуй?
Дьону саастарынан араарарга, биэнсийэҕэ тахсыбыт бастакы сылларын “үһүс саас” диэн ааттыыллар. Киһи бу кэмҥэ кырдьаҕас буолбатах, ол эрээри сааһырыы сиэринэн, “олох күһүнэ” саҕаланар.
Үгүс дойдуларга “аҕа көлүөнэ” диэн өйдөбүлгэ 55-тэн үөһээ саастаах дьахталлары уонна 60-тан үөһээ саастаах эр дьону киллэрэллэр. 60-74 саастаахтар “аҕам дьон”, 75-тэн үөһээ – кырдьаҕастар, 90-рын туолбуттар – уһун үйэлээхтэр диэн ааттаналлар. Ол иһин “үһүс саас”, “төрдүс саас” (75-тэн үөһээ) диэн өйдөбүллэр киирбиттэр.
Бу кэмҥэ кини олорбут олоҕун түһүүтүн-тахсыытын ыйааһыннаан, уопут мунньунан, үлэттэн, оҕо иитэртэн босхолонон, муударай сааһа кэлэр. Ону тэҥэ, олоҕу сыаналыыр, өссө да кэлэр-барар, көхтөөх буолар кэмэ.
Ангелина Васильева,»Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Үһүс саас оскуолатын архыыбыттан.