Эдэр дьон, орто да саастаахтар, биэнсийэҕэ тахсыахпыт ыраах дии саныыллар. Ол иһин кыһамматтар, билбэттэрэ элбэх. Дьиҥинэн, төһөнөн эрдэ бэйэтин быраабын билэр да, бэйэтигэр туһалаах дьайыылары оҥостуон сөп.
Биэнсийэ 3 көрүҥнээх: страховой, мунньунуу уонна социальнай.
Страховой биэнсийэни саамай элбэх киһи ылар (Арассыыйаҕа – 40 мөлүйүөн киһи). Бу страховой биэнсийэ кырдьар сааһынан, инбэлиитинэн уонна иитэр-аһатар киһини сүтэриигэ бэриллэр. Саха сиригэр барыта 276 152 биэнсийэлээх олорор эбит буоллаҕына, онтон 225 689 киһи кырдьар сааһынан страховой биэнсийэни ылар.
Кырдьар сааһынан биэнсийэҕэ 65 (Саха сиригэр – 60) саастарын туолбут эр дьон, 60 (Саха сиригэр – 55) саастарын туолбут дьахталлар тахсаллар. Былырыын уларыйыы киирэн, биэнсийэҕэ тахсар саас 5 сылынан уһаан биэрбитэ. Саас уларыйыыта сыыйа барарын туһуттан, холобур, 2019 сылга 6 ый эбилиннэ, 2020 сылга – 1,5 сыл.
Биэнсийэҕэ тахсарга страховой ыстаас ирдэнэр: 2020 сылга 11 сыл, 2024 сылга – 15 сыл. Ол эбэтэр, страховой ыстаас эмиэ үрдээн иһэр. Ону тэҥэ, тус коэффициент (уруккунан баал) баар буолуохтаах: 2020 сылга 18,6, 2025 сылга 30 коэффициент (эмиэ үрдээн иһэр). Коэффициент төһө өр үлэлээбиттэн, төһө страховой усунуос төлөммүтүттэн тутулуктаах. Төһөнөн коэффициент үрдүк да, соччонон страховой биэнсийэ кээмэйэ үрдүк буолар.
Биэнсийэни ааҕыыга тус коэффициент диэни туһаналлар. 2019 сылга 1 коэффициент сыаната – 87,24 солкуобай. Сыл аайы үрдээн иһэр.
Судаарыстыбаннай хааччыллыылаах биэнсийэҕэ федеральнай сулууспалаахтар, байыаннайдар, Чернобыль уонна да атын сирдэр саахалларыгар эмсэҕэлээбит дьон, уо.д.а. тахсаллар. Кинилэр биэнсийэлэрэ Биэнсийэ пуондатыттан анаммат, тустаах тэрилтэ бүддьүөтүттэн барар.
Социальнай биэнсийэни страховой ыстаастара туолбатах, коэффициеннара тиийбэтэх дьон, инбэлииттэр, уо.д.а. ылаллар. Социальнай биэнсийэҕэ тахсар саас эмиэ үрдээн иһэр – 2028 сылга эр дьон 70, дьахталлар 65 саастарыгар тахсар буолуохтара. Кинилэргэ ыстаас уонна коэффициент диэн ирдэбил суох. Социальнай биэнсийэ суумата кыра, ол иһин эрэгийиэҥҥэ биэнсийэлээх тиийинэн олоруутун кээмэйигэр тэҥнэһиэр диэри эбии төлүүр. Холобур, Саха сиригэр биэнсийэлээххэ ыйдааҕы тиийинэн олоруу кээмэйэ – 2019 сылга 13,6 тыһыынча солкуобай.
Страховой усунуос
Хамнас 22 %-нын үлэни биэрээччи страховой усунуос быһыытынан төлүүр. Ол онтон 16 %-на тус тарыыпка баран, коэффициеҥҥа кубулуйар. Оттон харчы билиҥҥи биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин төлүүргэ ананар.
Хаалбыт 6 %-на халбаҥнаабат (фиксированнай) төлөбүргэ барар.
1967 сыл төрүөх уонна онтон эдэр дьон, 2015 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри страховой уонна мунньуллар биэнсийэни талбыт дьон, билигин мунньуллар биэнсийэттэн аккаастанан, страховой усунуос 6%-нын аҥаардас страховой биэнсийэни ыларга ыытыан сөп.
Биэнсийэни ааҕыы формулата
Кырдьар сааһынан страховой биэнсийэ маннык ааҕыллар:
А х В + С = биэнсийэ суумата.
А – коэффициент.
В – коэффициент сыаната. 1 коэффициент – 87,24 солкуобай (2019 сылга).
С – бигэргэммит төлөбүр. Бу сокуонунан бигэргэммит төлөбүр сыл аайы индексацияланар, улаатар. 2019 сылга кээмэйэ – 5334,19 солкуобай.
Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат.