Биэнсийэни хос ааҕыыга сайабылыанньаны суруйуу ирдэммэт, Биэнсийэ пуондата бэйэтэ ааҕан биэрэр. Биэнсийэни хос ааҕыы эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тиэрдиллибитин эрэ кэннэ оҥоһуллуоҕа.
Санатар буоллахха, олунньу 20 күнүгэр бэрэсидьиэн Владимир Путин Анал этиитигэр биэнсийэни индексациялыырга социальнай эбии төлөбүр туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Ол чэрчитинэн “Судаарыстыбаннай социальнай көмө туһунан” федеральнай сокуон 12-с ыстатыйатыгар уларытыы киллэриллиэхтээх.
Муус устар 10 күнүгэр диэри сокуоҥҥа уларытыылар түмүктэнэн, от ыйын 1 күнүттэн биэнсийэлээхтэр 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ситэ ылбатах харчыларын ылыахтаахтар.
СӨ бырабыыталыстыбата уонна дьокутааттар бу саҥа сокуон барылын биир бастакынан өйөөбүттэрэ. Ил Дархан Айсен Николаев бу сокуон барыла биэнсийэни индексациялааһын систиэмэтин төрдүттэн уларытыа диэн бэлиэтээбитэ.
Судургутук өйдөөтөххө, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ сыл аайы, кыратык да буоллар, эбиллэр (индексацияланар). Ол эрээри, индексация биэнсийэ кээмэйин үрдэтэр эрээри, социальнай эбии төлөбүрү кыччатар (тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри). Онон индексация эбиллиитэ бэрт кыра, ону ааһан, букатын да эбиллибэт буолуон сөп. Оттон бу саҥа сокуон барылын чэрчитинэн, аан бастаан биэнсийэни эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр (Дьокуускайга олорор биэнсийэлээххэ – 13400 солк.) тиэрдиэхтэрэ. Ол эрэ кэнниттэн, бу сууматтан таһааран, индексацияны уонна ыйдааҕы харчынан төлөбүрү (ЕДВ) эбэн ааҕыахтара. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлээбэт биэнсийэлээхтэртэн 37 815 киһи биэнсийэтигэр эбиллиини кэтэһэр. От ыйыгар алта ыйдаах хос ааҕыыны (перерасчет) тутуохтара.
Холобур:
Биэнсийэ билигин хайдах индексацияланарый (тиийинэн олоруу алын кээмэйин учуоттаабакка)?
Биэнсийэ суумата — 12347 солк. Эрэгийиэҥҥэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ – 12674 солк. (барыллаан ааҕыы). Онон бу кээмэйгэ тиэрдээри, социальнай эбии төлөбүр ааҕыллар. 2019 сыл тохсунньу 1 күнүгэр индексация буолбута, биэнсийэ 7,05% (870 солкуобайынан) үрдээн, 13 217 солк. тэҥнэһиэхтээх этэ. Ол эрээри, дьиҥнээх үрдээһин 870 солк., буолбакка, 543 солк. тэҥнэспит: 12 674 солк. + 543 солк.= 13 217 солк. Тоҕо диэтэр, индексация бастаан биэнсийэ уонна тиийинэн олоруу алын кээмэйин араастаһыытыгар ааҕыллыбыт.
Онтон саҥалыы ааҕыынан хайдах буолуой?
Биэнсийэ суумата — 12 347 солк. Эрэгийиэҥҥэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ – 12674 солк. Онон, биэнсийэни бу кээмэйгэ тиэрдээри, 327 солк. социальнай эбии төлөбүр көрүллэр. Тохсунньутааҕы индексация чэрчитинэн, биэнсийэ бастаан тиийинэн олоруу алын кээмэйин сууматыгар тэҥнэнэр, ол кэнниттэн 7,05% үрдээн (870 солк.) 13217 солк. тэҥнэһэр. Ол эбэтэр биэнсийэлээх тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 870 солкуобайынан үрдээбит биэнсийэни илиитигэр ылар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru