2021 сылга страховой биэнсийэлэр үс усулуобуйанан ананыахтара: биэнсийэ сааһыгар тахсыы, 12 сыллаах страховой (үлэлээбит ыстаас) уонна биэнсийэ коэффициенэ 21-гэ тэҥнэстэҕинэ.
Ол туһунан «Парламентская газета» хаһыакка Федерация Сэбиэтин социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Елена Бибикова кэпсээтэ.
Биэнсийэҕэ тахсыы сааһын туһунан этэр буоллахха, 2021 сылга эр дьоҥҥо 61,5 саас, оттон дьахталларга 56,5 саас ананна.
— 2021 сылга биэнсийэ ананарын туһугар 12 сыллаах страховой ыстаас уонна 21-гэ сөп түбэһэр биэнсийэ коэффициенэ ситиһиллиэхтээх, —диэн быһаарар парламентарий.
Ону таһынан, Елена Бибикова үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ 2021 сыл тохсунньутуттан биэнсийэ кээмэйэ 6,3% улаатарын туһунан эттэ, ортотунан — 1 тыһыынча солкуобай кэриҥэ эбиллиэтхтээх. Төлөбүр чопчу кээмэйэ быйыл төһө биэнсийэни ылалларыттан тутулуктаах.
Хаартыска www.mk.ru
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1