РФ Үбүн миниистирэ Антон Силуанов иһитиннэрбитинэн, 2018 сылга үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэрэ индексацияланыа суоҕа. Оттон үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ тохсунньу 1 күнүттэн 3,7%-нан үрдүөҕэ. edersaas.ru
Бүгүҥҥү туругунан, Россия үрдүнэн биэнсийэлээх ахсаана — 43 мөлүйүөн киһи. Мантан 14 мөлүйүөнэ үлэнэн хааччыллан олорор. Оттон Саха сиригэр билигин 270-ча тыһыынча биэнсийэлээх баар. РФ Биэнсийэтин фондатын сабаҕалааһынынан, страховой биэнсийэ 14 045 солк. диэри үрдүөн сөп.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1