Кулун тутар 21 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ Сылгыһыт күнэ бэлиэтэммитэ. Сылгыһыт күнэ 2017 сыллаахха олохтоммута, быйыл сүрүн тэрээһинэ Амма улууһугар ыытылынна. Былырыын Амма улууһун И.Строд аатынан тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибэ Саха сиригэр аан бастакынан федеральнай таһымнаах сылгы собуотун аатын ылбыта.
Кулун тутар ыйга, чахчы да, кулун төрөөһүнэ саҕаланан эрдэҕэ. Сылгыны иитиэн баҕарар эдэр ыалларга анаан аатырбыт сылгыһыт Н.Т. Винокуров сүбэлэрин таһаарабыт.
БИЭНИ ТОҔООСТООХ КЭМҤЭ ТӨРӨТҮҮ
Биэни тоҕоостоох кэмҥэ төрөтөн барыһырар туһуттан, төрөөбүт убаһа хаһыс ыйыгар күүскэ улаатарын билэр наада. Убаһа улаатара үөн-көйүүр, бырдах аҕыйаан, сөрүүн түһүүтэ түбэһиэхтээх, уойарыгар табыгастаах кэм буолуохтаах. Убаһа төрдүс ыйыгар ордук күүскэ улаатар. Ити кэмҥэ биэ үүтэ саамай эбиллэр, бу бириэмэҕэ кулунчук ас буһарар уорганнара дьэ, үчүгэйдик сайдан, оту сиэн эбинэр.
4 ыйдаах убаһа саамай сайдар кэмэ атырдьах ыйыгар түбэһэр. Ол аата, муус устар бүтэһигэр, ыам ыйын саҥатыгар биэ төрүүрэ табыгастаах буолан тахсар. Биэ эрдэ, кулун тутарга төрүүрэ бары өттүнэн ночооттоох. Ыам ыйыгар төрөөбүт убаһаттан бэрт кыранан, санаа эрэ курдук, улахан буолар. Оттон отун ороскуота үс төгүл элбээн, онуоха көрүүтүн ороскуотун киллэрдэххэ, хаһаайыстыбаҕа ночоото улаатан иһэр.
Аны туран, эрдэ төрөөбүт кулунчук тымныйан ыалдьара да элбэх. Муус устар бүтүүтэ төрөөбүт биэҕэ 140-180 киилэ оту ороскуоттуур буоллаххына, кулун тутарга төрөөбүт биэ 400-430 киилэ оту сиир.
Оттон хойутуу, бэс ыйыгар төрөөбүт кулунчук ыам бырдаҕа үгэннээн турар кэмигэр түбэһэн, сонно буомурбутунан барар. Сороҕор үөнтэн кыайан көмүскэммэккэ, өлөр да түбэлтэтэ тахсааччы. Ороһу, бэс ыйдааҕы убаһа идэһэлэнэр кэмэ 4,5-5 ыйыгар түбэһэр, онтуҥ тоҥ этэ баара-суоҕа 75-85 киилэ буолар. Онон, бэс ыйыгар биэ төрөөһүнэ хаһаайыстыбаҕа эмиэ ночооттоох.
Биэ тоҕоостоох кэмҥэ төрүүрүн ситиһэргэ, төрүөн 20-30 хонук инниттэн, оҕото тэтиэнэх төрөөтүн диэн уонна биэ туругун көннөрөөрү, хастаран аҥаардаах аһатыы күҥҥэ иккитэ тэриллэр. Биэни төрүөн иннинэ үчүгэйдик аһаттахха, төрүүр кэмэ 5-10 хонугунан эрдэлиэн сөп. Биэ аһаан синньээтэ да, төрүүр. Төрөөбүт биэ үтүөрдэ да, 6-7 хонугунан туспа илдьэн, бөлөхтөөн аһатыллар. Бу кэмҥэ бастакы харалдьык тахсыбытын өртөөн, от күөх төрдүн таһааран, үчүгэйдик мэччитиллэр.
Эрдэ, кулун тутарга төрөөбүт биэни бастакы көҕүйүүтүгэр атыырга ыыппаккын, иккис көҕүйүүтүгэр таһааран, тоҕоостоох кэмҥэ төрүүрүн ситиһэҕин.
Хойутуу төрөөбүт биэни үчүгэйдик аһаттахха, онно эбии күөх оту хаптардахха, төрөөбүтэ 10-12 хоноот көҕүйэр. Эрдэ буоһатаары, ол кэми мүлчү туппакка, атыырыгар холбуугун. Көтөх соҕус уонна кырдьаҕас атыырдары эбии аһатыы – биэни кэмигэр буоһатыы биир сүрүн ирдэбилэ. Көтөх атыыр биэни кыайан буоһаппат.
ТӨРҮӨҔҮ ТЭРИЙИИ
Биэ төрүөн иннинэ, кырата 10-20 хонук аһатар ордук. Оччотугар үчүгэйдик синньиир (үүт киирэр). Төрөөтөҕүнэ, оҕото сэниэлээх буолар. Төрөөт да, атаҕар турар, кэмигэр үчүгэйдик эмэр. Хоруотаабыт биэни синньии илик диэн мэччирэҥҥэ ыытар сэрэхтээх. Эмискэ түргэнник синньээн, 20 хонугунан төрүө диэбитиҥ, 10 хонук иһинэн сиргэ төрөөн, көрүүтэ-истиитэ суох буолан, араас оһол тахсыан сөп. Төрүүрэ чугаһаабыт биэ, ордук көтөх буоллаҕына, көлөттөрө элбэх буолааччы.
Саҥа төрүүр уонна эдэр биэлэри туспа базаҕа тутан төрөтүллэр. Эдэр биэлэри улахан биэлэри кытта бииргэ тутуллубат: саастаахтара атаҕастыыллар, астарын былдьаан сииллэр.
Нэдиэлэ иһинэн төрүө диэбит биэлэри улахан күрүөттэн арааран, “родилка” диэн кыра соҕус күрүөҕэ туруоран аһаталлар. Бу күрүө ыраас уу баар сиригэр тутуллуохтаах, төрүүр биэ хайаан да ыраас ууну иһиэхтээх. Ол биэлэртэн 2-3 хонугунан төрүөхтээхтэрин, олох уута суох кураанах күрүөҕэ, сылгыһыт дьиэтин түннүгүнэн көстөн турар сиргэ, түүннэри манаан төрөтөҕүн.
БИЭ ТӨРҮҮР КЭМЭ
Кулунчук төрөөн баран, киинэ быстыбакка, кэнэҕэскитигэр сөрөнөн, кыайан туран эмпэккэ, өлүөн сөп. Ол иһин киинин 10 см хаалларан, кыптыыйынан быһан баран, дьуоттуугун. Биэ төрөөн баран, 2-3 мүнүүтэ сытар, ол кэм устата кулунчук төбөтүнэн суутун алдьаппатаҕына, үөмэн тиийэн, төбөтүн туһаайыытынан уһуктаах маһынан суутун хайа тардаҕын. Оннук оҥорботоххуна, оҕо хаатын алдьаппакка, биэ ойон туруутугар киинэ быстан, кулунчук айаҕынан тыынаары уутугар чачайан, тута өлөр.
Эдэр биэ кычыгыланан эмтэрбэт түгэнигэр, баайан, бакаайылаан баран, кулуну эмтэрэҕин. Үөрэнэн биэрбэт буоллаҕына, бас быалаан баран, күүскэ илгиэлээн, тардыалаан сылатар ордук. 1-2 чаас эрэ устата мөхсөөччү, төрүүрүгэр илистибит буолан, бэрт түргэнник хамсаабат буолар. Оччоҕо эмиийин хайдах баҕарар туттахха, кыһаллыбат, бу кэмҥэ эмтэрэҕин, оҕотун тэбиэхтээҕэр, нэһиилэ турааччы. Онон кулуна дуоһуйа эмэр, иккиэннэрин туспа кыра күрүөҕэ хаайдахха, сарсыныгар оҕотун үчүгэй баҕайытык эмтэрэ сылдьар буолар.
Өскөтүн, тый үүтэ суох буоллаҕына, массаастаан үүт киллэрэҕин. Оҕотугар сыраан курдук уоһаҕар саахардаах үүтү эбэн иһэрдэҕин. Синньигэр үүт киириэр диэри суосканан аһатаҕын (3-4 күнүнэн үүт киирээччи). Сорох тый оҕотун олох ылбатаҕына, икки оҕону иитэр, эмтэрэр биэлэр баар буолааччылар, оннук биэҕэ бэриллэр. Ол иһин, сэрэххэ, тыйдары кытта икки кулуну иитэр биэни тутан бииргэ төрөтүллэр.
Оҕотун ылбат, эбэтэр, аккыраҥ тый төрөөтөҕүнэ, олох кыра күрүөҕэ оҕолору хаайыллар. Кыайан эмпэт буоллаҕына, уоһаҕын ыан ылан баран, ынах үүтүгэр булкуйан эмтэрэҕин. Тоҥ үүтү эрдэ омуһахха хаһааммыккар, эбэтэр кыһыл оҕоҕо аналлаах бороһуок үүтүгэр биэни бэйэтин ыан, уоһах эбэн, суосканан эмтэрэллэр.
КУЛУНУ УОННА ТӨРӨӨБҮТ БИЭНИ КӨРҮҮ-ХАРАЙЫЫ
Саҥа төрөөбүт кулунчук бастакы сааҕа (меконий) кыайан кэлбэккэ, хаайтарар түгэнэ баар буолааччы, манна кэмигэр көмөлөспөтөххө, 2-3 хонон баран, өлүөн сөп. Итинник түбэлтэҕэ мас арыытын туһанан, хатыыта суох кыра тордуоҕунан, эбэтэр, тарбаҕынан көмөлөһөн, саахтатыллар.
Ис тэһэҕэс төрөөбүт кулун баар түбэлтэтигэр (үксүгэр атыыр кулунчукка оһоҕоһо сымыытыгар түспүт буолар) оһоҕоһун иһирдьэ симэн баран, тигиллэр. Оттон биэ кэнэҕэскитэ хаалар түбэлтэтигэр, 12 чаас иһинэн ылҕанар.
Биэни ыраах сиргэ хаһан да үүрүллүбэт. Төрөөбүтэ суукка буолбутун кэннэ, эбиэт кэнниттэн, хаар сымнаабыт кэмигэр биирдэ үүрүллүөхтээх. Ситэ атахтана илик убаһаны тоҥокко үүрдэккэ, мууска тыһын бааһырдан, устунан туйаҕа туллан өлөөччү. Атын төрөөбүт биэлэри, үчүгэй буоллахтарына, 2-3 хонон баран улахан күрүөҕэ туспа аһаталлар.
Төрөөбүт биэлэр төрүөххэ мэһэйдиэ суохтаахтар, ол иһин туспа илдьэн аһаталлар. Манна манчаары, буоссук от үүнэр ходуһалаах, сороҕо быллаардаах бэрт үчүгэй мэччирэҥнээх сири талыллар. Биэлэри бу сиргэ эмиэ бөлөхтөрүнэн тус-туспа туталлар. Харалдьык тахсыар диэри үчүгэй отунан аһаталлар.
СЫЛГЫНЫ СААҺЫНАН АРААРЫЫ
Кулун – төрүөҕүттэн 6-7 ыйыгар диэри.
Убаһа – 6-7 ыйыттан 1 сааһыгар диэри.
Тый – 1-тэн 2 сааһыгар диэри.
Эмньик тый – ийэтин эмэ сылдьар буоллаҕына, 1-тэн 2-гэр диэри.
Тиҥэһэ – 2 сааһыттан 3-гэр диэри; атыыра – кытыылыыр соноҕос, тыһыта – тиҥэһэ кытыт.
Кытыылыыр – 3-тэн 4-гэр тиийдэҕинэ; атыыра – кытыылыыр соноҕос, тыһыта – кытыылыыр кытыт.
Түөртээх соноҕос – 4 сааһыттан үөһэ атыыра.
Түөртээх кытыт – 4 сааһыттан үөһэ тыһыта.
Атыыр соноҕос – 5 сааһыттан үөһэ атыыра.
Биэстээх кытыт – 5 сааһыттан үөһэ тыһыта.
Ат – 6 сааһыттан үөһэ аттаммыт сылгы.
Биэ – 6 сааһыттан үөһэ тыһыта.
Атыыр – 6 сааһыттан үөһэ үөрүн туппут сылгы.
Кырдьаҕас ат – 14-15 сааһыттан үөһэ саастаах ат.
Кырдьаҕас биэ – 14-15 сааһыттан үөһэ саастаах биэ.
Кырдьаҕас атыыр – 14-15 сааһыттан үөһэ саастаах атыыр.
Н.Винокуров «Саха сылгытын иитии», «Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ» кинигэлэртэн туһанылынна.