Ньурба улууһун Дьаархан нэһилиэгин устуоруйатыгар умнуллубат түгэн буолан ааста.
edersaas.ru
Тохсунньу 29 күнүгэр СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Ирина Ивановна Алексеева аата Дьаарханнааҕы биэлсэр-акушер пуунугар иҥэриллибитин туоһулуур өйдөбүнньүк дуоска баар буолла.
«Бу күн оруобуна Ирина Алексеева төрөөбүтэ 75 сылын туолла. Ирина Ивановна Ньурба оройуонун доруобуйатын харыстабылын сайдыытыгар тугунан да сыаналаммат кылаатын киллэрбитэ. 44 сыл устата Дьаарханнааҕы биэлсэр-акушер пуунугар биэлсэринэн, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Кинини дойдутун дьоно-сэргэтэ сылайары билбэт үлэһит, үрдүк таһымнаах исписэлиис быһыытынан өйдүү-саныы сылдьаллар. Кини курдук дьоммутун биһиги үйэтитиэхтээхпит, үтүө холобурдарыгар ыччаттарбытын үөрэтиэхтээхпит», -– диэн үөрүүлээх түгэҥҥэ кыттыбыт улуус баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев мустубут дьоҥҥо эҕэрдэтин тириэртэ.
Биир дойдулаахтара махталлаах киһилэрин туһунан: «Ирина Ивановна ис киирбэх, уп-уһун баттахтаах, наһаа үчүгэйдик ыллыыр кэрэ киһи этэ. Үрүҥ халааттаах аанньалбыт ханнык баҕарар ыҥырыыга хайаан да кэлэр, мэдиссиинискэй көмөнү оҥорор этэ, ол да иһин куруук хайҕыырбыт, муҥура суох махтанарбыт», -– диэн ахтан-санаан аастылар.
Дьаарханнааҕы ФАП аһыллыбыта үбүлүөйдээх 70 сылын көрсө быйыл биэлсэр-акушер пуунун дьиэтигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна уонна мэдиссиинискэй миэбэл атыылаһылынна. Билигин биэлсэринэн эдэр исписэлиис Айсен Анатольевич Ефремов үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар.
Бу күн тэрилтэ бэтэрээнэ Мария Трофимовна Иванова уонна Ольга Коммунаровна Семенова, Александр Афанасьевич Александров, Афанасий Кириллович Спиридонов наҕараадаланнылар.
Ирина Алексеева бииргэ төрөөбүт балта, СӨ култууратын туйгуна Евдокия Павлова-Кылыһах Далбар Дьокуускай куораттан тиийэн тэрээһиҥҥэ кыттыста уонна улууһун, нэһилиэгин үтүөкэн дьонугар:
«Күндүтүк саныыр Күөх Ньурбам, Дьаарханым дьоно-сэргэтэ!
Дьаархан нэһилиэгин аҕа баһылыга Павел Михайлович, дьаһалта үлэһиттэрэ, биир идэлээхтэрим — култуура үлэһиттэрэ, мин бииргэ төрөөбүт күндү эдьиийим Ирина Ивановна Алексеева 44 сыл тухары дьон доруобуйатын туһугар үлэлээбитин өйөөбүккүтүгэр ис сүрэхтэн махтанабын. Эдьиийбит аймахтара, оҕолоро, сиэннэрэ баҕа санаабыт туолан, Дьаархаммыт балыыһата 70 сылыгар күндү киһибит үйэлэргэ умнуллубат үтүө аата иҥэриллибитигэр ис сүрэхтэн сүгүрүйэбит, махтанабыт!
Эдьиийим билигин биһиги ортобутугар суоҕун да иһин, кини аата тилиннэ, аттыбытыгар өрүү үрүҥ халааттаах аанньал буолан өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр сылдьыа уонна үрдүк мэҥэ халлаанҥа тырымныы умайа туруо! Күндү убаастыыр дьонум-сэргэм, ыччат дьон уонна оҕолор, дьоһуннаах үөрэхтээх, киэҥ билиилээх, олоххо өрүү тардыһыылаах дьоһун дьон буолуҥ, үтүө ааккыт үс үйэни уҥуордаатын, Саха дэтэр ааккыт саргылана, айхаллана туруохтун!» -– диэн алгыс тылларын анаата.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru