Биэлсэр идэтигэр 9-с кылаас кэнниттэн үөрэниэххэ сөп буолла
23.08.2022
Арассыыйа Үөрэххэ министиэристибэтэ РФ Бэрэсидьиэнин дьаһалынан мэдиссиинискэй исписээлинэстэргэ орто үөрэххэ федеральнай үөрэх стандартарын саҥардан биэрдэ. Үлэ РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кытта ыытылынна.
Орто уопсай үөрэхтэргэ үөрэх болдьоҕун уонна ирдэбиллэрин уларыттылар. Холобура, тохсус кылаас кэнниттэн кэллиэскэ киирбиттэр түөрт сыл иһигэр биэлсэр квалификациятын ылар буоллулар. Эрдэ маннык кыах 11-с кылааһы бүтэрбиттэргэ эрэ баара.
Итиэннэ «Лабораторная диагностика» исписээлинэскэ «Генетика человека с основами медицинской генетики» дисциплинаны үөрэтэр буоллулар.
Бу туһунан объясняем.рф саайт иһитиннэрэр.
СИА хаартыската.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1