«Сахамедиа» холдинг биир сүрүн «Улуус олоҕо» бырайыага өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир.
edersaas.ru
Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ордук бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлиир киһиэхэ. Ол гынан баран, тыа сирин предпринимателэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.
Бүлүү улууһугар дьоҕус бизнеһинэн дьарыктанар 887 тэрилтэ испииһэккэ киирбит. Улуустааҕы предпринимателлэри өйүүр тэрилтэ чахчытынан, быйылгы сыл тоҕус ыйдааҕы түмүгүнэн 347853,4 тыһ. солк. төлөбүрдээх өҥө оҥоһуллубут. Бу үлэҕэ Чочу нэһилиэгин предпринимателэ Светлана Веревкина бэйэтин кылаатын эмиэ киллэрбитэ чахчы.
— Дьиэ кэргэн дьоҕус бизнеһин 2012 сыллаахха тэриммиппит. Оччолорго бэкээринэ тэрилин бу иннинэ үлэлээбит дьонтон атыыласпыппыт. Эргэ дьиэбитин бэкээринэ оҥостубуппут. Мин оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлиир буолан, дьоҕус бизнеспитин кэргэним аатынан арыйбыппыт. Кэлин дьоҕус бизнескэ улам ылларан, “бу миэнэ эбит” дии санаан, 2015 сыллаахха үлэбиттэн барарга быһаарыммытым, — диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр биэкэр Светлана Веревкина.
Биһиги сылдьар кэммитигэр булочка, минньигэс пирог буһан тахсан, сойутулла тураллара. Биэкэр кэпсэтэ-кэпсэтэ буспут астарын оһохтон хостуу сылдьыбыта.
— Күҥҥэ 200-150 тахса килиэп, 40 устуука “нарезной” дэнэр батон оҥорон таһаарабын. Ону тэҥэ джемнээх минньигэс пирог буһарабын. Килиэп икки көрүҥүн (маҥаны уонна хараны) оҥоробун. Билигин киһи үксэ доруобуйатын көрүнэр, дьахтар өттө диетаны тутуһар буолан, сэлиэһинэйтэн оҥоһуллубут хара килиэби сөбүлээччи үгүс. Сарсыардаттан буспут сибиэһэй килиэби Бүлүү куоратыгар тиэйэн илдьэн, 20 чааһынай маҕаһыыҥҥа туттарабын. Чочуттан илдьибит килиэбим эбиэт саҕана барыта атыыланан бүтэр.
Маны таһынан астаабыт бурдук аспын Чочутааҕы Кырдьаҕастар профилакторийдара, Бүлүүтээҕи Оҕо дьиэтэ ылаллар. Онон күн аайы бэйэм бородууксуйабын батарар кыахтаахпын, — диир кини.
— Кыһалҕалар, ыарахаттар да баар буолуохтаахтар?
— Бурдук сыаната үрдээтэ. 24 солк. субсидиялаах бурдук эмискэ 31 солк. 26 харчы буолла. Хайыахпытый, ону ол диэбэккэ, салгыы үлэлиир буоллахпыт.
— Ким көмөлөһөрүй? Кэргэниҥ уонна оҕолоруҥ өйүүллэрэ буолуо?
— Сүрүннээн кэргэним Дмитрий көмөлөһөр. Кини баһаарынай чааска караул салайааччытынан үлэлиир. Үс оҕолоохпут. Улахан кыыспыт үп колледжыгар үөрэнэр. Орто уол 8-с кылаас үөрэнээччитэ. Кыра уол 6 саастаах. Сайыҥҥы каникулугар кыыһым көмөлөһөр.
— Туох, ханнык былааннааххыный?
— Кондитерскай сыаҕы аһыахпын баҕарабын. Торт, пирожнай оҥорон атыылыыр былааннаахпын да, онуоха анал тэрил наада. Барыта үптэн иҥнэ турар. 2013 сыллаахха Новосибирскайтан харчыбытын мунньунан килиэп астыыр тэрили ылбыппыт. 50 тыһ. солк. сыанаҕа ылбыт тэрилбит кэлиитин саҕана 60 тыһ. солк. буолан кэлбитэ. Оччолорго ити улахан харчы этэ. Хата СӨ Предпринимательствоҕа уонна туризм дьыалатыгар министиэристибэтэ атыыласпыт харчыбытын төнүннэрэн өйөөбүтэ. Кэлэр сылларга бурдук ас буһарар тэриллэрбитин саҥардар соруктаахпыт.
— Бүлүү предпринимателлэрэ бэйэ-бэйэҕитин кытта төһө сибээстээххитий?
— Арааһа, бэйэ-бэйэбитин өйөспөппүт буоллар, үлэбит таһаарыылаах буолара саарбах. Чааһынай маҕаһыыннар мин бородууксуйабын батарар буолан, күннээҕи үлэлээх буоллаҕым. Биһиги түмсүүлээх буолан, бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабыт, бэйэ-бэйэбитин өйөһө сылдьабыт.
Нэһилиэк олохтоохторо предприниматель Светлана Веревкинанан улаханнык киэн тутталлар. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Надежда Евсеева бэлиэтииринэн, Веревкиннар Чочу нэһилиэгин биир убаастанар элбэх оҕолоох эдэр ыала.
— Светлана Анатольевна бэкээринэтин таһынан хаһаайыстыбатын тутан олорор тутаах киһи. Веревкиннар сүөһүлэрин таһынан кус-хаас, куруолук ииттэллэр. Элбэх оҕо ийэтэ көхтөөх уопсастыбанньык. Кини оҕо саадыгар салайар сэбиэт бэрэссэдээтэлэ. Өссө улууска автоледи быһыытынан биллэр, — диэн кэпсиир Надежда Павловна. Биэкэр-предприниматель быйылгы сылга Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт предпринимателлэр тэрээһиннэригэр кыттан, уопут атастаспыт, бэрт үгүс сонун сүүрээни билсибит.
— 2017 сылга Саха сирин бастыҥ табаардара” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска Бүлүү улууһуттан бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарар 8 дьоҕус бизнес тэрилтэтэ кыттыыны ылбыппыт. Бу суолталаах күөн-күрэскэ номнуо дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит “Лөкөчөөн сыыра” уонна “Сыа Бүлүү” үүт аһы оҥорон таһаарар тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибин суората “Ас-үөл табаара” диэн номинацияҕа кыайыылааҕынан тахсыбыттара. Мин бу тэрээһиҥҥэ кыттан, номнуо атахтарыгар турбут предпринимателлэртэн бэрт элбэххэ үөрэнним. “Бизнес-ЭКСПО” быыстапкаҕа эмиэ кыттыыны ылбытым, онно сылдьан үгүс сонун толкуйу торумнаатым, — диэн кэпсэтиибитин түмүктүүр Светлана.
“Чочу килиэбэ” эбэтэр “Сыдыбыл булочката уонна батона” диэн ааттаах олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччы үлэтэ өссө да тахсыылаах буоларыгар, саҥаттан саҥа саҕахтары арыйан иһэригэр баҕарабыт.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.